ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

дьүөрэлээ

туохтуур

Нууччалыы что-л. сравнивать с другими, уподоблять другим

1 туохтуур #

Тугу эмэ атыны кытта тэҥнээ, маарыннат (иһиллиитинэн, тас көрүҥүнэн, быһыытынан-майгытынан о. д. а. көстүүлэринэн)

Нууччалыы Что-л. сравнивать с другими, уподоблять другим (по звучанию, внешнему виду, характеру и т. п. признакам)

  • Талан, тылы дьүөрэлиир Тардыылааҕын баҕаһын, Үлүһүйэн үлэлиир Үчүгэйэ алыһын!
    Күннүк Уурастыырап
  • Сайын саһыл сыһыыларыгар Самоходка косилкаҕын Салайаргын көрдөхпүнэ Сандал күҥҥэ дьүөрэлиибин.
    П. Тобуруокап
  • Поэт саҥа олоҕу саас кэлиитигэр, сайыҥҥы күөххэ үктэниигэ дьүөрэлээн хоһуйар
    ХС

2 туохтуур #

Тугу эмэ туохха эмэ холбуу тут, сөп түбэһиннэр

Нууччалыы Что-л. с чем-л. сочетать, совмещать

  • Кыһыл Аармыйа соһуччу маневры уонна артиллерияны таба дьүөрэлээн туттан, өстөөххө саба түһэр саҥа тактиканы олохтообута. НМВ ССРСИ. Ыччаттар сынньанар кэмнэрин үлэни кытта таба дьүөрэлииллэр
    ЭК

«ДЬ» буукуба