ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

дьүөрэ

даҕааһын

Нууччалыы схожий, похожий по звучанию, внешнему виду, характеру и др. признакам; одинаковый

даҕааһын

Иһиллиитинэн, тас көрүҥүнэн, быһыытынан-майгытынан о. д. а. сөп түбэсиһэр, маарыннаһар

Нууччалыы Схожий, похожий по звучанию, внешнему виду, характеру и др. признакам; одинаковый

  • Биир бириэмэҕэ этэр тылынан илбиһирэн -- баран, күүһүҥ-күдэҕиҥ баранан -- хат ыанньыйыаххар диэри элбэх бириэмэҕэ дьүөрэ тылы эппэккэ, хомуһуннаах тойугу туойбакка сылдьаҕын.
    П. Ойуунускай
  • Онно [муҥхаҕа] биир дьиэгэниччи көрбүт сэнэх таҥастаах улахан уол, хас да бэйэтигэр дьүөрэ бөтөстөрү мунньан, атын уолаттары охсон-тэбэн ааһыталыыллар.
    Р. Кулаковскай
  • Биһиги Тойбохойго Миисэлээҕи илдьэбит, кыһыл көмүс кытыылаах ачыкылаах, биһилэхтээх уонна чаһылаах, таҥаһа да онно дьүөрэ, үп-ас өлгөм киһитэ
    Н. Түгүнүүрэп

«ДЬ» буукуба