Перевод с якутского
алкый
туохтуур, аат тыл
Нууччалыы волшебными чарами или другими хитроумными способами (напр., силой слова, проникновенным красноречием) привлекать, притягивать к себе и завладеть
1 туохтуур #
Абынан-хомуһунунан эбэтэр атын албаһынан бэйэҕэр тарт, эрийэн ыл
Нууччалыы Волшебными чарами или другими хитроумными способами (напр., силой слова, проникновенным красноречием) привлекать, притягивать к себе и завладеть
Аҕыс уон аҕыс Араас албастарын Алкыйан ылан, Ап гынан, Салгын куппутун алыптыаҕыҥ.
Өксөкүлээх ӨлөксөйАйаҥҥытын саҕалыы тардыҥ, ап-хомуһун Дьааҥытыгар адьас уһаамаҥ - алкыйан ылыаҕа! Д. Апросимов Хараҥа дьай санааҥ Аптаах албаһынан алкыйан, Дааммын ыллаҕыҥ. П. Ядрихинскай
Өссө холобурдар (2)
Ардырҕай Акыым бу кыыһы хантан эрэ алкыйан аҕалбыт А. Сыромятникова Угуйан, сөрөөн илдьэ бар; дьалкыйан-суурайан бар. Θ Завлекать, увлекать, зазывать; увлекать за собой (смешав, растворив и т. д.). [Бүлүү] Арҕаа Сибиир диэкиттэн Аарыгыран-айманан Айаннаан тиийэн кэлбитин [Өлүөнэ] Алкыйан ылан баран Ааһа бара турбут. Саха нар. ыр. I. Бииргэ сэргэстэһэн киһи буолбут Истиҥ доҕотторум үгүстэрин Амыр дьылҕа тыаллара алкыйбыттар Күннүк Уурастыырап
2 туохтуур #
поэт. Хаҕыстык, тымныытык тыалыр
Нууччалыы Дуть (обычно о встречном холодном пронизывающем ветре)
Арҕааттан биһигини утары тымныы тыал алкыйар. Н. Якутскай Сөрүүн салгын алкыйар, киэһээҥҥи Москва үчүгэй да буоллаҕыҥ, түҥ хараҕаны кыйдыы, араас уотунан оонньуур. А. Сыромятникова Өрүс күһүҥҥү кыдьымаҕа Мин дууһабар аалсыһар. Тыала-кууһа, тымныыта Эппин-хааммын алкыйар Н. Босиков
3 этии #
Этиилэр
Албын алкый көр албан I
Аат алкый көр аат