ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

боруода

аат тыл, даҕааһын

Нууччалыы разновидность в пределах одного вида домашних и некоторых других животных, а также древесных и кустарниковых растений, отличающаяся какими-л. особыми признаками; порода

I

1 аат тыл #

т. -х. Сүөһү эбэтэр сорох харамайдар уонна мас, ыарҕа үүнээйилэр биир көрүҥнэрин иһинэн араарыллар туох эмэ ураты бэлиэлээх араастара

Нууччалыы Разновидность в пределах одного вида домашних и некоторых других животных, а также древесных и кустарниковых растений, отличающаяся какими-л. особыми признаками; порода

  • Сүөһү боруодатын тупсарыы. Симментальскай боруода.
  • Дьоҥҥо тарҕатарга анаан сибиинньэ, хоруолук, бараан тупсаҕай боруодаларын үөскэтэллэр.
    И. Данилов
  • Саха да боруодатыгар бөдөҥ ыт баар буолар эбит этэ.
    Р. Кулаковскай
Өссө холобурдар (1)
  • Ити наардаһан, чаастаһан, өрүтэ үөмэхтэһэн турар араас боруода мастаах тыалар ыраахтан эрэ көрдөххүнэ киһини киллэримээри туора турунан кэбиспит курдук буолаллар
    Амма Аччыгыйа

2 даҕааһын #

суолт. Хайа эмэ боруодаҕа киирсэр эбэтэр тупсарыллыбыт боруодалаах

Нууччалыы Какой-л. породы или относящийся к улучшенной породе, породистый (о домашних животных)

  • Орловскай боруода ат. Боруода ынах.
  • “Да, мэлдьи урут, хонууга даҕаны урут, манна даҕаны”, - диир Ростов, күүгэннирэ тириппит донской боруода атын илиитинэн имэрийэ-имэрийэ.
    Л. Толстой
  • Дьөгүөссэ олохтоох саха боруодата сылгыны ууһатыыны итэҕэйбэтин_ _ эттэ.
    В. Протодьяконов
Өссө холобурдар (2)
  • Били бэйэбит биэс боруода биэлэрбититтэн төрөөбүт оҕолоро аҕаларын-ийэлэрин икки ардыларынан көрүҥнээх буолан хааллылар
    Эрилик Эристиин
  • Үчүгэй боруодалаах сүөһүнү ууһатарга аналлаах (үксүн оҕуһу этиллэр). Θ Используемый для улучшения породы скота; племенной (о быке). Холкуос симменталь боруода оҕуһа мөҥүрээн лиҥкинэппитэ Лоҥкууда толооннорун үрдүлэринэн тардыллан барар
    М. Доҕордуурап
II

3 аат тыл #

, геол. Атыттары кытта бииргэ сир хаҕа буолар минерал (ураты таас, буор)

Нууччалыы Минерал, составляющий наравне с другими земную кору, порода

  • Хайа боруодалара. Сөҥүү боруодалара.
  • Алмаастаах боруоданы сууйуу уустук үлэтигэр илии үлэтэ икки эрэ түбэлтэҕэ туттуллар.
    И. Данилов
  • Үгүс хайа боруодатыгар тимир баар
    ДНА СХБКК

«Б» буукуба