ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

боруок

аат тыл, туохтуур, даҕааһын

Нууччалыы нижняя поперечина дверной рамы, поддверие, которое перешагивают; порог

Ис хоһооно · 9
I

1 аат тыл #

Ааҥҥа киһи атыллыыр алын өттө, холуодатын алын туорайа

Нууччалыы Нижняя поперечина дверной рамы, поддверие, которое перешагивают; порог

  • Кини, саатынан тайахтанан, боруогу атыллаан дьиэҕэ киириэх курдук буолан иһэн эмискэ оҕутта.
    Эрилик Эристиин
  • Григорий дьонуттан арахсымаары, дьиэтиттэн барымаары_ _ ийэтин даба ырбаахытын тэллэҕиттэн тутуһа-тутуһа, аан боруогуттан тэбинэ-тэбинэ сарылаабыта
    А. Бэрияк

2 аат тыл #

Дьиэҕэ эбэтэр туохха эмэ киирэр аан

Нууччалыы Вход куда-л

  • Баас баалаан буорайан боруоккар охтуоҕум, Харахпын аһаммын эйигин көрүөҕүм.
    К. Кулиев
  • Силлиэни ким ыспыт ћ Буурҕатын хомуйуо, Сэриигэ аан аспыт ћ Боруогар хоруйуо. Дьуон Дьаҥылы. Аны кэлэн тугу ирдээн, Мин боруокпар эн кэллиҥ, Умуллубут кутаа күлүн Тыал хоту көтүттүҥ? “
    Чэчир-76

3 аат тыл #

көр харгы. Мантан икки көс кэриҥэ аллара Улахан Хаана диэн Саха сирин өрүстэрин былаһын тухары ханна да суох улахан сэттэ мэҥэһик суорба таас харгы, боруок баар. Суорун Омоллоон. Тэҥн. модьоҕо

4 этии #

Нууччалыы Зайти куда-л. или к кому-л. домой, переступить чей-л. или какой-л. порог

  • Боруогу (боруогун) атыллаа - кимиэхэ эмэ дьиэтигэр эбэтэр ханна эмэ кэлэ сырыт Оскуола боруогун атыллаа.
  • Оттон бэйэм боруогу атыллыы иликпиттэн тылбай-өспөй буолан барыахпын хайдах эрэ туттунабын.
    П. Чуукаар
  • Кини миэхэ кэлэ сылдьыбат. Оттон мин Суордаахаптар боруоктарын атыллыахпын санаам буолбат.
    В. Протодьяконов
Өссө холобурдар (1)
  • Син ааныҥ боруогун атыллыыр күннээх эбиккин дии. Дьэ, хайа таҥара санаа биэрэн дьиэҕин өҥөйдүҥ. Н. Неустроев
II

5 аат тыл #

Тугу эмэ оҥорору сыыһа диэн утары этии, утарсыы

Нууччалыы Выставление возражения против чьего-л. действия; возражение

  • Тоҕо ойохтоох киһиэхэ бараҕын диэн боруок суох буолла, сөбүлээтилэр
    Эрилик Эристиин
  • Тугу эмэ оҥорору утарарга төрүөт, сөптөөх төрүт (үксүн буолб. ф-лаах туохт. кытта тут-лар). Θ Довод, достаточное основание для выставления возражения против какого-л. действия (большей частью в сочет. с отриц. гл.). Марыыҥка саамай сөпкө эргэ тахсар, ол Баһылай бассабыыга боруок буолбат, баҕар, бары бассабыык буолуохпут.
    П. Ойуунускай
  • Ити ачыкыта боруок буолбатах. Софр
    Данилов

6 аат тыл #

Тугу эмэ оҥордоххо киһи сыыһанан ааҕан тутуһара, сыыһата, буруйа

Нууччалыы Непозволительность, предосудительность какого-л. действия

  • “Уоран да диэтэххэ, соччо боруога суох суол. Баҕар, дьэбэлэйдээҥ даҕаны”, - Яков Гурьев кинээс диэки өтөрү көрүтэлээтэ.
    М. Доҕордуурап
  • Арахсар боруок, саат да буолбатах.
    А. Софронов
  • Көрсүспүччэ кыратык арыгыны даҕаны иһэр боруога суох ини
    В. Протодьяконов
Өссө холобурдар (2)
  • Боруок баҕайы киһи.
  • Утуй, сынньан, сыллыйым, Утуй, тыллаах чыычааҕым, Уутун хана утуйбат Боруок оҕо улааппат
    П. Тобуруокап

7 аат тыл #

Тыл тылга киирсибэккэ этиһии, иирээн

Нууччалыы Размолвка, взаимная ругань

  • Иирсибит истэрин Иһирэхтээн иһиттэххэ, Буоһата суох боруок буолла, Аччыгый да аймааһыны тарта.
    А. Софронов
  • Боруок төрдө Боруочай Болтоххой сутуругун Бугдуун муннугар Буруустуон дураһыйбыт. Бугдуун, булгу сөрөөн, Боруочай букатын буорайбыт
    К. Туйаарыскай

8 даҕааһын #

суолт. Киһи тылын сүгүн истигэнэ суох, онон-манан утарылаһа сатыыр идэлээх; хадаар

Нууччалыы Любящий перечить, возражать; несговорчивый, непослушный

9 этии #

Нууччалыы В этом ничего удивительного нет (произошло вполне понятное), и этому не стоит удивляться (от него такого можно ожидать - обычно употр. после придаточных со сказуемым, выраженным условным накл.)

  • Боруок (боруога) суох - онуоха киһи сатаан өйдөөбөт буолара туох да суох, буолуох буолуо диэн этии (үксүгэр туохт. болдьуур киэбинэн бэриллибит кэпсиирэлээх салаа этии кэнниттэн тут-лар) Мин ыалдьан да хааллахпына боруок суох. Толорботоҕуна да боруога суох киһи.
  • Ат ахсымнаатаҕына, кыайан уостуганнаамаарай? Илиитин-атаҕын өлөртөрдөҕүнэ да боруок суох. Дьүөгэ Ааныстыырап. Норуоту ыраахтааҕы ытыалаппыта элбэх. Онон, баҕар, бүгүн биһигини буулдьанан даҕаны көрүстэхтэринэ боруога суох. Н. Якутскай

«Б» буукуба