ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

туорай

аат тыл, даҕааһын

Нууччалыы поперечный брус, поперечина

Ис хоһооно · 4

1 аат тыл #

Туох эмэ устатынан буолбакка, туора өттүнэн быһа холбоһуута, туохха эмэ туора сылдьар туох эмэ

Нууччалыы Поперечный брус, поперечина

  • Сыарҕа туорайа. Түннүк арааматын туорайа.
  • Саха Захаровна өс киирбэх кирилиэс биир туорайыгар аҥаар атаҕын үктээн иһэн, тохтуу түстэ.
    Амма Аччыгыйа
  • Маша орон туорайыгар ыйанан турар үҥкүү көстүүмүн нэлэҥнэттэ
    Чолбон

2 аат тыл #

Мэһэй, харгыс буолар туох эмэ

Нууччалыы Помеха, преграда, препятствие

  • Хонууга төрөөбүт хоһоон үксүөн, Туох эрэ баар туорай буолар.
    Баал Хабырыыс
  • Ыал баайын тэринэригэр судаарыстыба туорай буолбат, туорай буолуохтааҕар көмөлөһүөх кэриҥнээх.
    Күндэ
  • Сис Сэмэнэ, Ыстапаан Тураахап олоххо мэһэй, туорай эрэ буолар -- дьоннор
    ХС
Өссө холобурдар (2)
  • Разбогатеев сиэбиттэн күлүүс тылын ылан сомуогу аһар, туорай тимирин түһэрэр.
    Н. Якутскай
  • Былыыр-былыргыттан -- туорай систээх чэчир сэргэлэри саамай уус дьоннор киэргэтэн оҥороллоро. К. Ут кин. Владимир биһикки оҥочо туорай хаптаһыныгар олоробут. И. Тургенев (тылб.)

3 даҕааһын #

суолт. Тугу эмэ туоратынан быһа холбуур, туохха эмэ туора сылдьар

Нууччалыы Поперечный

4 этии #

Нууччалыы Поперечный брус, поперечная палка, перекладина

Этиилэр

Самах туорайа көр самах

  • Даҕанча эһэ атаҕын аннынан сылыпыс гынан кэннинэн тахсыытыгар -- саха быһаҕынан эһэ иһин, түөһүн тылыттан самаҕын туорайыгар диэри, тэлэ тардан кэбиспитэ.
    Далан

Туорай мас

туохха эмэ туора саайыллыбыт ураҕас, хаптаһын Ыһыах бириэмэтигэр түһүлгэ сэргэлэрин туорай мастарыгар кымыстаах сири иһиттэри ыйыыллар.

  • СНЕ ӨОДь. Эмээхсин оронугар, кырдьаҕас куурусса туорай маска олорорунуу бөгдьөллөн, баттаҕын өрүннэ. СЮ ЫБ. Буруйдаан өлөрөргө ууруллубут кулуту үксүгэр туорай мастаах остоолбоҕо илиитин-атаҕын чороччу кэлгийэн тиирэллэрэ. КФП БАаДИ

«Т» буукуба