ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

эндир

аат тыл

Нууччалыы поперечная подпорка, чурка, которая кладётся подо что-л. (напр., под бревно), чтобы оно какой-л. стороной не касалось земли

1 аат тыл #

Тугу эмэ (хол., маһы, бэрэбинэни) сиргэ тиэрпэт гына анныгар туора ууруллар хаптаһын, чуурка мас

Нууччалыы Поперечная подпорка, чурка, которая кладётся подо что-л. (напр., под бревно), чтобы оно какой-л. стороной не касалось земли

  • Эндири тыытымаарыҥ!
  • Дьэллик эндир маһыттан туран, төбөлөрө быста сиэммит дүлүҥнэри уот үөһүн диэки анньан биэрдэ
    И. Никифоров

2 аат тыл #

Суол дэхситэ суох ньуура, оллура-боллура, аҥхайа, куоһааҕа

Нууччалыы Неровности, выбоины, ямины, ухабы на дороге

  • Массыынаны Гаврил Иванович ыытан иһэр. Кини кыра куоһаахтары, эндирдэри биллэрбэккэ аһарарын көрө-көрө, Тордоохоп Балаҕанньыырабы хайгыы саныыр.
    С. Никифоров
  • Массыына суола күһүн өрүс кыдьымаҕын кыйа барар, эндирэ, хаайтарыыта элбэх.
    В. Иванов
  • Лаврентий матассыыкылын собуоттуу охсон, айаннарын саҕалаабыттара. Ол-бу эндиртэн оҕустаран кыыс дэлби түспэт кыһалҕатыгар испитэ
    В. Тарабукин

3 аат тыл #

Ханнык эмэ дьыалаҕа, тэрээһиҥҥэ, олоххо тахсар ыарахаттар, күчүмэҕэйдэр, эрэйдэр

Нууччалыы Напряжённости, трудности, неудачи в каком-л. деле, предприятии, жизни

  • Бу – төһө да эдэр буоллар, олох араас эндирдэрин этинэн-хаанынан билбит хорсун кыыс. Куорсуннаах. Киһи биирдэ төрүүр үйэтигэр олорор олоҕо эндирэ элбэх. А-ИНА ДьБО. Уус идэлээх буолан наар тимир суолу чөлүгэр түһэрэр чаастарга сулууспалаабыта. Бу да улахан эндирдээх үлэ этэ. "Кыым". Ср. тат. эрдэнэ ʽштабель, поленницаʼ

«Э» буукуба