ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

төрүөт

аат тыл

Нууччалыы обстоятельство, способное быть основанием для чего-л., повод, причина

Ис хоһооно · 4
I

1 аат тыл #

Туох эмэ саҕаланар, үөскүүр төрдө, биричиинэтэ

Нууччалыы Обстоятельство, способное быть основанием для чего-л., повод, причина

  • Төрүөтэ суох үөрүү кэлбэтэҕэ ыраатта.
    Н. Лугинов
  • Ол ыарыы төрүөтүн билбэккэ эрээри хайдах мээнэ эмтэнэҕит?
    Е. Неймохов

2 аат тыл #

Өйдөспөт буолуу, иирсээн

Нууччалыы Состояние взаимной вражды, размолвка, ссора

  • Оһолго уолдьаһыннарбыт, Төрүөккэ түбэһиннэрбит, Өмүрэх өлүү төрдө, Күөх өксөкү Бииһэ, Тойон убайдарым обургулаар!
    Саха фольк
  • Кыракый төрүөтү утары быһаарсан, сотон-сууйан иһэр буоллар, төһө эрэ элбэх хойукку хоргутуһуу-хойохтоһуу суох буолар этэ!
    Амма Аччыгыйа
  • Ити дьонуҥ ардылара аппыт, арахсан баран дьоҕойон бииргэ олороллор эбит. Оннук төрүөт эйигиттэн буолбут. Дьүөгэ Ааныстыырап. Бухатыырдар охсуһар охсуһууларын төрүөтүнэн кини [дьахтар уобараһа] буолар
    Эрчимэн

3 аат тыл #

лит. Литературнай айымньы саҕаланарыгар сылтах буолбут ханнык эмэ сабыытыйалар

Нууччалыы Завязка литературного произведения

  • ээн төрүөтэ – Байбаллаах Марба, ыал буолан да баран, батталтан төлөрүйбэккэ, олохторо табыллыбата. СЛ-9-10. Др. -тюрк. төрү
II

4 аат тыл #

, булт. Бултуур сэп, тэрил (хапкаан, туһах, туу уо. д. а.)

Нууччалыы Охотничьи орудия, снасти (капкан, силки, верша и т. п.)

  • Тииҥи саанан, кырынааһы төрүөтүнэн бултуубун.
    ХС
  • Сорох булчуттар төрүөттэрин киис бултанар болдьоҕо бүтүүтэ тохсунньу бүтэһигэр эрдэ эһэллэр.
    ХС
  • Уйбаан -- ханна кылааннаах түүлээх баар сиригэр ыраата сылдьан элбэх төрүөтү уурааччы
    Кыым

«Т» буукуба