ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

тиксиһиннэр

Нууччалыы сводить кого-л

Ис хоһооно · 4

1 #

тиксис диэнтэн дьаһ. туһ. Аа-дьуо акыҥнаан туран, дүлүҥнэрин хардарыта анньан, тиксиһиннэрэн биэрдэ. В. Миронов

2 #

Кимнээҕи эмэ бэйэ бэйэлэрин кытта көрсүһүннэр, булсуһуннар

Нууччалыы Сводить кого-л. с кем-л., помогать кому-л. встретиться с кем-л

  • Биһигини тиксиһиннэрбит суол поэзия этэ. Күнүстэри-түүннэри хоһоон суруйарбыт. Софр. Данилов. Уоллаах кыыһы тиксиһиннэрэн кэбиһэллэр. Эдэрдэр уураһаллар.
    Суорун Омоллоон
  • Сарсыҥҥытыгар сэрэбиэй Москва уобалаһын маастара В. Борисовы кытта тиксиһиннэрбитэ
    ССТ

3 #

бэт., бот. Сүөһү боруодатын эбэтэр үүнээйини суордун тупсаран биэрэр сыалтан атын боруоданы, суорду кытта холботолоо, иссиһиннэр

Нууччалыы Соединять разные породы для получения улучшенной породы, скрещивать (о домашних животных, растениях)

  • Сүөһүнү тупсарыыга түргэн уонна биллибит ньыманан атын-атын боруодалары тиксиһиннэрэн ууһатыы буолар. ПСБ ТИиПҮ. Яктары дьиэтитэр, ынах сүөһүнү кытта тиксиһиннэрэн элбэх эттээх, хойуу үүттээх сиэнчэр сүөһүлэри үөскэтэр үлэнэн ордук киэҥник Монголия селекционердара дьарыктаналлар
    ГКН МҮАа

4 #

Кими, тугу эмэ бэйэ бэйэлэригэр киксэрэн биэрэн киирсиһиннэр, охсуһуннар

Нууччалыы Подстрекать, побуждать к драке кого-л., наускивать, натравливать друг на друга

  • Анараа иккис бандьыыт оҕустары тиксиһиннэрэ сатыы сылдьар.
    Н. Заболоцкай
  • Убайдара кыыһыран бараллар. Иккиэннэрин умсарыта анньыалаан, тиксиһиннэрэн көрөллөр. Улдьаа Харалы. - Ити Дубов, дьэ, доруобай киһи. - Гончаренконы кытары тиксиһиннэрбит киһи! Хайалара кыайыа дии саныыгын? А. Фадеев (тылб.)

«Т» буукуба