ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

кыпчый

туохтуур

Нууччалыы плотно прижимать, сводить ноги; зажимать что-л

Ис хоһооно · 4

1 туохтуур #

дьүһ. туохт

  • Мээчиги атахтарын икки ардынан аһарымаары кыпчыйан турда.
  • Табалар эмискэ туора ойдулар. Байбаас эһиллэн иһэн туркутун күүскэ кыпчыйан өрүһүннэ. Софр. Данилов. Кочубеев остуолбаҕа ыттар туоҕа да суох этэ, онон атаҕынан кыпчыйан ыттыбыта.
    ХС
  • Ким төһөнү бултаабытын сурунар паапкатын ылан, бэлэмнээн, оҕонньоттор тобуктарыгар кыпчыйан олорор куулларын хардары-таары көрүтэлиир. А. Кривошапкин (тылб.)
Өссө холобурдар (4)
  • Ханнык эмэ лабааҕын эккэр сыһыары тут (хол., көтөр кынатын, сүөһү кутуругун туһунан). Θ Прижимать к телу какие-л. конечности (напр., хвост, крылья). Кутуругун тымныыттан Кыпчыйбыт Кунан оҕуска тиэйбит.
    Амма Аччыгыйа
  • Кылана түһээт, кыпчыйбыт кынатын ыһыгынна.
    Эрилик Эристиин
  • Бөрө дьулайбыт курдук көрө түһээт, кутуругун кыпчыйан ылла да, иннин хоту түһүнэн кэбистэ.
    Л. Толстой
  • Ср. п. -монг. кабуи 'сжать'

2 туохтуур #

Атахтаргын бэйэ-бэйэлэригэр ыга тут; тугу эмэ тобуктарыҥ икки ардыларыгар кыбыт, ыга тут

Нууччалыы Плотно прижимать, сводить ноги; зажимать что-л. между ногами, коленями

3 туохтуур #

Тугунан эмэ хааччахтаан кими эмэ кыһалҕаҕа киллэр, кыһарый

Нууччалыы Ограничивая в чем-л., ставить кого-л. в затруднительное положение

  • Атыыһыттар кими да эрэммэт буоллулар, үптэрин, таҥастарын хатаан баран, хаама сылдьаллар. Биһигини онон кыпчыйаары гыналлар.
    А. Сыромятникова
  • Ити -- Боппуогуҥ саппаас чааһынан кыпчыйан холкуоһу барытын отуойкаҕа олордубутун бэйэҥ көрдүҥ.
    ХС
  • Кыһалҕа кыпчыйдаҕына биирдэ бабат диибит.
    ВВ

4 этии #

Кутуругун быһа кыпчыйбыт - уруккутун курдук киэптээбэт, тойорҕообот буолбут, куттаммыт Биэлэйдэрбит тоҕо эрэ олус ньылбыстылар эбээт. Маннааҕы тойотторбут кутуруктарын быһа кыпчыйбыттара тоҕо эрэ олус! Амма Аччыгыйа. Биһиги, дьадаҥылар, бары итинникпит [хорсуммут] эбитэ буоллар, кинилэр баҕас [баайдар] сотору да кутуруктарын быһа кыпчыйыахтара эбитэ буолуо эбээт! "ХС"

Нууччалыы Стал тихим, смирным; перестал быть чванливым, заносчивым (букв. прижать хвост)

«К» буукуба