Перевод с якутского
кыбый
туохтуур
Нууччалыы крепко зажимать, прижимать между ног (коленями) что-л
1 туохтуур #
Тугу эмэ атаҕыҥ (тобуктарын) икки ардыгар кыбыта тут
Нууччалыы Крепко зажимать, прижимать между ног (коленями) что-л
Биэдэрэтин ыксары кыбыйан олорон, биир ордук сымнаҕас ынаҕы ыан барда. А. Федоров Оҕотун -- кыбыйан олорон, самыыга охсуолаата ХС
2 туохтуур #
Үлэни-хамнаһы, көҥүлү хааччахтаа, күөмчүлээ, хам тут, кыһарый
Нууччалыы Зажимать, прижимать кого-л
Ол эрээри ырыынак экэниэмикэтэ кинини эпсэри кыбыйа илигинэ оҕото сайдарыгар тиритэ-хорута сүүрбэт-көппөт, оскуоланы кычыгылаппат эбит. "Кыым". Тэҥн. кыпчый. Ср. тюрк. кымы 'прижимать'
3 этии #
Этиилэр
Кутуругун быһа кыбыйан сылдьар (кыпчыйбыт) көр кутурук
Үс ини-биилэр кутуруктарын кыбыйан биэрбиттэр, аахса барбатахтар, оҕонньору алы гынан таһаарбыттар. Далан