Перевод с якутского
тылбый
туохтуур
Нууччалыы зажимать, защемлять что-л. чем-л
1 туохтуур #
Тугу эмэ туох эмэ икки ардыгар кыбытан ыпсар
Нууччалыы Зажимать, защемлять что-л. чем-л
Биир уһулуччу уһун баарса кутуругар эмиэ оннук икки баарсаны тумустарынан тылбыйа холбообуттар. Амма Аччыгыйа [Өлөксөй эрбэҕэ тахсыбытын] тута сылааһыгар оннугар киллэрэн баран бары көмөлөөн маска тылбыйа туппуппут уонна хамсаабат гына кэлгийэн кэбиспиппит. Я. Семёнов Болуоту бэрэбинэлэри икки эрээтинэн кириэстии тэлгэтэн баран тылбыйан оҥоруллар СДН СФУуХМ
2 этии #
Тылын тылбый кэпс. – кими эмэ саҥатыттан матар, саҥарбат оҥор Кырдьыгы эттэххинэ, тылгын тылбыйыахтара, саталаахтык саҥардаххына, сааскын сарбыйыахтара. Софр. Данилов. [Алааппыйа] иһигэр кини илиитин-атаҕын бохсубут, тылын-өһүн тылбыйбыт дьоҥҥо өһүллүбэт өһүөнүн хам баттаан ньимийбитэ. П. Аввакумов. Тыбыырар эн тылгын тылбыйыах буолар, сэрэнэ-сэрбэнэ сырыт. Ф. Постников.
Нууччалыы Заставить замолчать кого-л., укоротить язык кому-л. (букв. защемить язык)
Этиилэр
Тыынын тылбый
кими эмэ суох гын, өлөр.
Лишать жизни кого-л. (букв. зажимать чей-л. дух).
[Тойонноро фриц-барон] Тыынар тыыннааҕы Тыынын тылбыйарга Тыыллан-хабыллан турда. Эллэй. Кини, Кыракыйын тыыныгар турбут киһи тыынын тылбыйдаҕына, хаанын халыттаҕына эрэ өһө-сааһа ситиһиллиэн сөп. "Чолбон"
3 этии #
Нууччалыы Промысловая птица, дичь (обычно водоплавающая)
Этиилэр
Тылбыйар кынаттаах
бултанар көтөр (үксүгэр кус) Күн уота сылыйарын, харалдьык тахсарын кытта тылбыйар кынаттаах бииһин ууһа -- үөһэнэн Улуу Маҥан Дуол диэки тардыспытынан барбыта.
Көлүйэлэр тылбыйар кынаттааҕы букатын хаһан да түһэрбэтэх, көччүппэтэх кэриэтэ кураанахсыйдылар. В. Сыромятников Ол түүн даҕаны, сарсыарда даҕаны кус көппөтөх, кинилэр биир да тылбыйар кынаттааҕы харахтаабакка халтайы кэтэһэн тахсыбыттар. "ХС"