Перевод с якутского
ытыртар
Нууччалыы захватывать, защемлять, держать что-л. чем-л.
Тугунан эмэ (хол., чыскынан) тугу эмэ ыга туттар
Нууччалыы Захватывать, защемлять, держать что-л. чем-л. (напр.. клещами)
ытыр диэнтэн дьаһ. туһ. Чүөчээски биир куртуйаҕы бэйэтэ тутан, иккиһин Түргэҥҥэ [ыт аата] ытыртарда уонна бара турда.
Суорун ОмоллоонМэкчиргэ кырынааһы харбаан ылаат, чаачыгырыы түһэн баран ыһыктан кэбистэ, бадаҕа, атаҕын ытыртарда. Е. Макаров Маайа тигэн иһэр таҥаһын массыынаҕа ытыртаран кэбиһэн баран, уолун ылан аһата олордо. Эрилик Эристиин
Өссө холобурдар (2)
Дьиэлээх киһи сыпсыны ылан, оһохтон кытарбыт чоҕу ытыртаран таһааран, хамсалаах табаҕар таарыйда. Ф. Захаров Уус тимири улахан чыскынан ытыртаран ылан кыстыкка уурда Чолбон