ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

ытырыктат

туохтуур

Нууччалыы остерегаться, опасаться неприятностей, беспокоиться, волноваться

1 туохтуур #

, кэпс. Туох эмэ куһаҕан өттүнэн буолуо диэн куттанан, улаханнык дьиксинэ санаа

Нууччалыы Остерегаться, опасаться неприятностей, беспокоиться, волноваться

  • Кулаак оҥороллоро, куолаһы быһаллара, көскө ыыталлара ыган иһэр дуу диэн ытырыктатабын.
    Болот Боотур
  • Таайым мин этиибин сөбүлээбэтэҕиттэн уонна саҥата суох барбытыттан, мин ытырыктата санаабытым.
    Далан
  • Кини туох эрэ куһаҕан санааҕа ылларан ытырыктатар, эт-этэ тымныйталаан ылар. Эҕэрдэ
    СС

2 этии #

Этиилэр

Сүрэҕэ ытырбахтыыр (ытырыктатар) көр сүрэх I

  • Өкүлүүн эмээхсин тоҕо эрэ бүгүн сүрэҕэр ытырыктата саныы сырытта. МСС ДЭ. Кэмсинэр күнүҥ кэлиэ, онуоха көмөлөһөр ким да суох буолуо диэн иһэн, сүрэҕим ытырыктатта. Д. Дефо (тылб.)

«Ы» буукуба