Перевод с якутского
сээбэҥнээ
туохтуур
Нууччалыы отвлекаться от чего-л., от какого-л. дела; потерять способность делать что-л., заниматься чем-л
1 туохтуур #
Сүрүн соруккуттан, дьарыккыттан туохха эмэ аралдьыйан хаал; тугу эмэ гынар кыаххыттан тахсан хаал
Нууччалыы Отвлекаться от чего-л., от какого-л. дела; потерять способность делать что-л., заниматься чем-л
Күн бүгүнүгэр диэри Таҥыыттар сээбэҥнээбэккэ олороллор, онон сарсын сарсыарда халлаан сырдыыта тоҕо анньан киирэбит.
Н. ЛугиновЛөкө бүгүн тоҕо эрэ сээбэҥнээбит дуу, мэлдьи ол-бу диэки хайыһан турбахтыыр. А. Сыромятникова Хайдах бултуур кэм чугаһаата да, сээбэҥнээн сүгүн утуйбат, аанньа аһаабат буолан хаалабын М. Тролуков
2 туохтуур #
Сэрэн-сэрбэн, саарбахтаа, саараҥнаа
Нууччалыы Остерегаться, колебаться
Оо, сээбэҥнииртэн ордук ыарахан баар үһүө, аны билигин барыта соҕотохто дьэҥкэрдэ, иннигэр көбүс-көнө биир суол тыргыйда.
Н. ЛугиновОлус сээбэҥниир, бэл куттанар да курдук санаалар кинини элбэхтэ үүйэ-хаайа туталлар. Е. Неймохов Кууһума иһигэр сээбэҥнии санаан, кыргыттарыгар чугаһыырдыы, үөрүйэх хамсаныынан таастан тааска дэгэйэн, тиэтэйэ-саарайа түһэн истэ Чолбон