ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

кыраҕый

туохтуур

Нууччалыы опасаться, остерегаться; робеть, трусить

туохтуур

Салла көр, дьулай

Нууччалыы Опасаться, остерегаться; робеть, трусить

  • Оҕо эйигиттэн кыраҕыйар.
  • Өһөстөрбүн даҕаны, соҕотоҕун хаалан баран, кырдьыга, улаханнык кыраҕыйбытым.
    Далан
  • Салалталар кытар гынан, Кыраҕыйа тутуннулар, Санааларын хамсатынан, Кыбычыыннык олордулар.
    Күннүк Уурастыырап
Өссө холобурдар (1)
  • Таакалаах икки бэйэлэрэ иккиэн, Төҥкө уордайбытыттан кыраҕыйан, уҥуохтара босхо барыар диэри куттанан, салыбыраһа хааллылар
    Р. Кулаковскай

«К» буукуба