ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

манан

Нууччалыы быть предельно осторожным, остерегаться какой-л

Ис хоһооно · 4
I

1 #

манаа диэнтэн бэй. туһ. Куттанара эрэ куоска, Мананара эрэ мааска, Соһуйара эрэ сохсо, Чачайара эрэ чааркаан (тааб.: кутуйах). Дьулайан, тулаҕын мананан Чугуҥнуу, саараҥныы турбакка, Иккитэ баабырдыы ыстанан -- Кырынаат быраҕан кыыраттыҥ. Күннүк Уурастыырап. Бартыһааннар түүнүгэр бэркэ диэн мананан хоноллор. "ХС"

2 этии #

Нууччалыы Быть предельно осторожным, остерегаться какой-л. смертельной опасности; спастись, выйти живым из какой-л. опасной переделки

  • Тыыҥҥын манан - 1) өлөр-сүтэр кутталга киириэм диэн олус сэрэхтээхтик кэтэнэн сырыт, бэйэҕин көмүскэн, харыстан; быыһан Уһун Лэппиэрэй уолун эмиэ такайан барда - хара тыа харахтаах, хонуу сир кулгаахтаах: тыыҥҥын мананан сырыт.
    Л. Попов
  • Моотот кэргэнин уонна оҕотун, ону кытта бэйэтин, саалаах-сэптээх буолан кыылга утарсан, тыыннарын манаммыт этилэрэ. Н. Заболоцкай; 2) тыыннаах хаалар сыалтан туруулас. Θ Бороться за жизнь. Мин ордук тоҥон өлбөт кыһалҕаттан ыаллар кыһынын дьукаахтаһан олорон тыыннарын мананар кыһалҕалаах олохторун өйдүүбүн. "Кыым"
II

3 #

бу диэн ый. солб. ааттан тут. түһүк. Айанньыттар манан ааспыттар. Урут манан биир даҕаны сөмөлүөт ааспата, сылдьыбат буолара. Н. Якутскай. Хомуньуус Сэмэни суруйан, Ааҕааччыа, мин манан бүтэрдим. Күннүк Уурастыырап

4 этии #

Этиилэр

Манан (аҕай, ахан, дьыала, суол) буолбатах көр аҕай II

  • Баишевы кытта өйдөһүү манан буолбатах.
    В. Яковлев
  • Хайа тааһын бурдук курдук мээккэлээн көмүһүн ылгыыр манан аҕай буолбатаҕын ким үлэлээн көрбүт билэр.
    Д. Апросимов
Өссө холобурдар (1)
  • Дьиэтийбит сиртэн-уоттан арахсан барар манан аҕай суол буолбатах. ГИП КДь. Үлэни кытта дьиэ үлэтин, оҕону иитиини дьүөрэлээһин манан аҕай дьыала буолбатах. "Кыым"

«М» буукуба