ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

ньимий

туохтуур

Нууччалыы смыкать, плотно сжимать губы

Ис хоһооно · 4

1 туохтуур #

дьүһ. туохт

  • Аанчык тэтэркэй толуу уостарын хам ньимийэн биллэр-биллибэттик мичээрдээтэ.
    Амма Аччыгыйа
  • Айаҕын ньимийэн, хараҕын быһа симэн, таалан ылла.
    И. Данилов
  • Огдооччуйа төрүт да ньимийэ сылдьар уостарын эбии быһа ытыран, хара бараан сирэйэ тугу эрэ толкуйдаабыттыы, дьэбин уоһуйбут этэ
    Н. Заболоцкай

2 туохтуур #

Уоскун иһирдьэ хомунан, сыһыары тут

Нууччалыы Смыкать, плотно сжимать губы

3 туохтуур #

Саҥата суох сырыт, саҥарбат буолан хаал

Нууччалыы Замолчать, стать молчаливым, ходить молча, словно в рот воды набрал

  • Харытыана аны уруккута буолбатах, төһө да саҥата суох ньимийэн сырыттар, син ону-маны өйдүүр буолбута.
    П. Ойуунускай
  • Маппый урут үгүөрүтүк бултуйдаҕына тылга тииһэр бэйэтэ, ууну омурдубуттуу ньимийбитэ.
    П. Аввакумов
  • Баччааҥҥа диэри саҥата суох өһөхтөөҕүнэн түҥнэри көрөн ньимийэн олорбут, кыырыктыйбыт баттахтаах, толуу көрүҥнээх киһи хойуу куолаһынан көөҕүнээтэ
    П. Филиппов
Өссө холобурдар (3)
  • Иһийэн ах бар, чуумпур (хол., айылҕаны этэргэ). Θ Затихать, стихать, замирать (о природе). Сис Күөлэ тугу эрэ кистээн ньимийбит, долгуннурбат.
    А. Софронов
  • Үүйэлээх Симоны ньимийэн турар түҥ тыаны ортотунан оонньуу-күлэ устар Күндэли үрэх күүтэр.
    Л. Попов
  • Суох, туох да иһиллибэт, бары барыта ах барда, ньимийдэ
    А. Сыромятникова

4 туохтуур #

Бүк, сас (киһи туһунан)

Нууччалыы Укрываться, прятаться (о человеке)

  • Уоһукчаан кэлин, сэрии ааспытын кэннэ холкуоска киирэр уонна онно саһан, ньимийэн сылдьан куорҕаллыыр үлэни ыытар.
    Күннүк Уурастыырап
  • Ср. монг. жимийх ‘сжимать, поджимать губы’, казах. жымыю ‘сжиматься’, алт. тымы ‘хранить полное молчание, молчать, притухнуть, успокоиться, затихать’

«НЬ» буукуба