ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

ньим

Нууччалыы молча, тихо; спокойно

ньим бааччы - саҥата-иҥэтэ суох, уу чуумпутук; нус-хас

Нууччалыы Молча, тихо; спокойно

  • Эргим-ургум көрбөхтөөбүтэ, дьон ньим бааччы утуйа сыталлара.
    Күннүк Уурастыырап
  • [Сэргэй] сиригэр-дойдутугар бэйэтин таптыыр идэтинэн ньим бааччы үлэлии-хамсыы сылдьыбакка, бачча үлүгэр аймалҕаннаах дойдуга кэлэн араас быһылааҥҥа, охсуһууга-этиһиигэ түбэһэ сырыттаҕай?
    В. Яковлев
  • [Борис] айахха киирбиччэ мээнэ хаһыытаан быһа сытыйбакка эрэ, ньим бааччы дьиэлии турбута быдан сүүйүүлээх буолуо этэ. "ХС"; ньим бар - иһийэн хаал, чуумпур. Θ Притихнуть, стихнуть, замолчать. Балаҕан иһэ бүтүннүүтэ ньим баран уу чуумпутук лүҥкүрдэ.
    Болот Боотур
Өссө холобурдар (9)
  • Ньим баран саҥата суох испэхтээтилэр гынан баран, Чооруос [киһи аата] саҥата суох тэһийэн олорбото.
    В. Протодьяконов
  • Биһиги бары тыыммакка да кэриэтэ саҥата суох турдубут, бары биир санааҕа ылларан ньим баран турдубут. Г. Колесов; ньим гын кэпс. - тимис гын, көстүбэт буола сүт. Θ Провалиться куда-л., исчезнуть из виду. Мастар мутуктара кумаланан бачыгыраабытынан хаарга ньим гына түһэллэр.
    А. Фёдоров
  • Сөмөлүөт умайан күлүбүрээбитинэн үрэх уҥуоргу ойуурга тиийэн ньим гынна.
    С. Никифоров
  • Кинилэр үрэҕи туораан түбэ иһигэр киирбэккэ, ойуур хараҥа куолайыгар ньим гыннылар. П. Ламутскай (тылб.)
  • Умуллан хаал. Θ Гаснуть (моментально). Утуу-субуу элэктэриичэстибэ уота умуллан ньим гынар, төлөпүөн үлэлээбэт буола охсор.
    Амма Аччыгыйа
  • Сулус аллара диэки сурулаата, умуллан ньим гынан хаалла. Г. Угаров; ньим курдук - туох да саҥата-иҥэтэ, тыаһа-ууһа суох. Θ Глухо, тихо, безмолвно. Уола буоллаҕына биир тылы хардарбат, ньим курдук.
    Эрилик Эристиин
  • Чочумча ньим курдук уу чуумпу буолан ылла.
    В. Яковлев
  • Сайылык күнүскү ампаалыга суох ньим курдук.
    А. Сыромятникова
  • Ср. алт. чым ‘тихо, тише’, казах. жым ‘нечто вкрадчивое, скрытое, незаметное’, жымы ‘притихнуть, умолкнуть’, хак., кирг., куманд., тел. тым ‘тихий, тихо; безмолвно; молчаливый’

«НЬ» буукуба