ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

кыһай

туохтуур

Нууччалыы делать при лампе; свет свечи; и т. д.

English to do something by lamplight, candlelight, etc

1 туохтуур #

Нууччалыы делать при лампе; свет свечи; и т. д.

English to do something by lamplight, candlelight, etc

  • лаампа уотугар кыһайан көр
    разбирать при лампеto consider by lamplight

2 туохтуур #

Кими эмэ тугу эмэ оҥорорго күһэй, модьуй

Нууччалыы Принуждать, заставлять, обязывать кого-л. делать что-л

  • Тыыннаахтыы туора баайан биэрэр сүөһүм суох, соччо кыһайар буоллаххына -- төлөөн көрүллүө буоллаҕа дии...
    А. Софронов
  • Кыһалҕа бөҕө, дьиэ-уот табыллыбата кыһайан, кэргэннэммитэ дуомнаан, икки-үс сыл ыалтан ыалга сыстан олорбута буолтум.
    Амма Аччыгыйа
  • Ол да буоллар, дьонум кыһайаннар, иккиһин ойох ылбытым.
    Суорун Омоллоон
Өссө холобурдар (2)
  • Настаа аны "бөһүөлэктэн көһүөх" - диэн Испирдиэни кыһайбат буолбута
    Д. Таас
  • Күчүмэҕэй балаһыанньаҕа киллэр. Θ Ставить в затруднительное положение. Оҕуһа баран хаалбат ини, аны инньэ гынан кыһайыа
    Н. Заболоцкай

3 туохтуур #

Туох эмэ сырдыгар тэйитэн көр, көрөн оҥор

Нууччалыы Смотреть при свете чего-л

  • Федор Евсеевич Сосин чуолаҕаһынан саатын уоһун быктаран, уҥуоргу халлаан сырдыгар кыһайан, иннинээҕи ыраас ууну одуулаһа олордо. Софр. Данилов. Саҕахха кыһайан көрбүтүм мончууктарым таһыгар атыыр чөккөй түһэн баран, төбөтүн чохотон олорор эбит.
    Далан
  • Мытырыйбыт сирэйдээх оҕонньор Максимы уот сырдыгар кыһайа көрөн, билэ сатаан мылаарыҥныы турда.
    Л. Попов
  • Ср. др. -тюрк. хыш 'сжимать, сдавливать, стискивать'

«К» буукуба