Перевод с якутского
ык
туохтуур
Нууччалыы сильно сжимая что-л., извлекать жидкость, выжимать из чего-л. влагу
English to squeeze
Ис хоһооно · 9
1 туохтуур #
Тугу эмэ бобо, хам тутан, эрийэн уутун, убаҕаһын таһаар, сүүрт
Нууччалыы Сильно сжимая что-л., извлекать жидкость, выжимать из чего-л. влагу
Таҥаһын уста биэрэн, ыган окко-маска ыйаата.
Суорун ОмоллоонМаайа сууйбут таҥаһын уутун ыган мускуйар. Н. Якутскай "Дьэ, оччоҕуна мин муоста сууйуум, – диэн Миитэрэй үлэ былдьаһан өрөһүстэ, – эн ыкпакка эрэ [сууйбут таҥаскын] тааска ууран ис" Огдо
Өссө холобурдар (1)
Эрбэххинэн күүскэ баттаан таска таһаар (хол., баас, искэн ириҥэтин). Θ Сильно сдавливая большими пальцами, выдавливать наружу (напр., гной из нарыва). Кутургуйа аһын ыган ылбыкка дылы (өс ном.). [Мэнигийээн] эдьиийин оҕотун мэйиитин тэһэн баран, ыган кэбиспит эбит. Саха ост. II. Кутургуйаны киинин ыкпатахха, иккиһин тахсар Т. Сметанин
2 туохтуур #
Үтэн киирэн, сабардаан, туох эмэ турбут сирин кыччат, кыарат
Нууччалыы Наступать, сжимать, теснить, наседая с разных сторон
Таһаҕастаах массыыналар дьуккурута көппүт тииттэрэ суолу ыган киирэн тураллар. С. Васильев Оок-сиэ, ол үөһэ өттүттэн, букатын болуот саҕа муус ыган киирэн иһэр. Н. Заболоцкай Аттаах пуолка ыллаан-туойан, Пьердээҕи ыган кэллэ, суолу кыараҕастытта. Л. Толстой (тылб.)
3 туохтуур #
Өстөөххө кимэн киирэн ыкса чугаһаа эбэтэр кэннинэн чугут
Нууччалыы Наступать, плотно приближаться к врагу, тесня и заставляя его пятиться назад. [Көстөкүүн:] Билигин тула өттүбүтүгэр бандьыыт хаайан ыган киирэн истэҕинэ, тугу да гыммакка, субу курдук олорон хаалар сатаныа суоҕа
Фашистар биһигини улаханнык ыктылар. И. Никифоров Олохтоох нэһилиэнньэ, талабырдьыттары утары дьаныардаахтык охсуһан, кинилэри улам соҕуруу ыган испитэ АЕВ ОҮИ
4 туохтуур #
Субу тиийэн кэл, субу буолаары гын, буолаары ыксат
Нууччалыы Подходить вплотную, приближаться, надвигаться (напр., о каком-л. событии)
Наадам ыган кэлбитим кэннэ хайыахпыный, доҕор? Амма Аччыгыйа Хайыы үйэ от хомуура ыган тиийэн кэлбитэ. Д. Таас Табаарыһыттан өлөр чааһа ыган кэлбитин кистиэн баҕарбатаҕа. Н. Габышев
Өссө холобурдар (1)
Киһи хомойоро баар арай, Пелагея Павловна биирдэ өйдөөбүтэ, биэнсийэҕэ тахсар сааһа бу ыган кэлбитэ Айысхаана
5 туохтуур #
Саҥаны, дорҕоону искиттэн бэрт эрэйинэн, нэһиилэ таһаар
Нууччалыы Кое-как, с трудом выдавливать из себя слова
Тыын ыла-ыла, кэлэҕэйдии-кэлэҕэйдии, аҕыйах тылы иһиттэн нэһиилэ ыган таһаарар. Болот Боотур Кыйаахылап кулуба, таптыыр оҕото, ойоҕо өлөн -- ыар кутурҕаннаах тыллары ыган таһаартыыр. М. Доҕордуурап "Суох, сиэбэтэҕим", – нэһииччэ ыган саҥарда Болот Н. Заболоцкай
6 туохтуур #
Киһи тыына хаайтарыах курдук тыала суох бүтэйдии куйаар
Нууччалыы Давить, душить (напр., о жаре)
Бэс ыйынааҕы куйаас сыралҕана ыкпытын үрдүнэн, комбат тохтобулу көҥүллээбэтэ. Эрилик Эристиин Киэһэнэн, күн уота сырайара мөлтөөтөр да, ордук ыкта. И. Сосин Ыган түһэн, дьэ куйаас да куйаас! ИМС ОС
7 туохтуур #
Киһини туохха эмэ ыксат, ыгылыт эбэтэр ыххайан тугу эмэ оҥортор
Нууччалыы Наседать, оказывать давление на кого-л. (вводя в замешательство и принуждая к каким-л. действиям)
Бэйи, аргыый ык! Мин киирбит ааммын билэ-билэ киирбитим. Онон эн олус киһиргээмэ. Н. Неустроев Миэхэ үөс-батааска биэрдигит этэ дуо? Үрүҥ тойотторун курдук ыкпыккыт дии. Амма Аччыгыйа Ыган туран, саа биэрэн, хаайыы харабыла оҥостубуттар А. Сыромятникова
8 туохтуур #
Ханнык эмэ иэйии, санаа саба биэр, ыксары куус
Нууччалыы Подступать, сжимать, сдавливать (напр., о каких-л. чувствах)
Хаһааҥҥытааҕар да сытыытык кэмсинии, хомойуу ыган кэллилэр.
Н. ЛугиновМахтанабын түүҥҥү ыйбыт Сүрэхпин сылытарыгар, Хомолто, үөрүү ыкпыт Көмүскэтин уутугар. И. Гоголев Өйдөөбөппүн туох салгыйарын. Өрүү санаам тэһийбэт, Ханнык ахтылҕан ыгарын, Эбэтэр тугум бу тиийбэт? С. Васильев
9 этии #
Нууччалыы Подавлять, угнетать, вызывая тяжёлые мрачные мысли, лишая сил кого-л
Этиилэр
Муннукка ык көр муннук
Иннигэр хараҥа буруйдаах, Кэннигэр халыҥ аньыылаах, Кырыыстаах Гитлер ыта Кыыһы муннукка ыкпыта. Күннүк Уурастыырап Үһүгэр барбыт уолчаан саҥата хойдон, тыла-өһө эбиллэн, ардыгар киһи күлүөх курдук ыйыталаһан муннукка ыгаары хаайар. Огдо.
Тыынын (тыынын-быарын) ык
кими эмэ мунчаарыылаах санааҕа, хам баттаппыт турукка киллэр Дьиэ иһэ бүтүннүү -- киһи тыынын-быарын ыгар.
Ампаар айах, киэр буол, тыыммын-быарбын ыгыма. Күннүк Уурастыырап Давыдов уйаара-кэйээрэ биллибэтинэн киһи тыынын-быарын ыгар хонууну санаарҕаабыттыы одууласта.
М. Шолохов
Уутун-хаарын ык
1) кин. айымньы бэчээттэниэн иннинэ ордук-хоһу тылын, сымсах миэстэлэрин ылан бырах; бэчээттиир ирдэбилгэ сөп гына оҥор.
Избавляться от воды, убирать воду (из текста); доводить текст до кондиции.
"Хотугу сулуска" кэнники киирбит рукопиһы уутун-хаарын ыктахха бэчээккэ барыан сөп; 2) кэпс. буруйун билинэр гына күүскэ мөх-эт. Распекать, снимать стружку с кого-л. (вынуждая кого-л. признаться в содеянном). Биир күнү быһа мунньахтаан, Атаанабы уутун-хаарын ыган, кини сокуоннайа суох, бары түктэри быһыыларын билиннэрбиттэр итиэннэ – [хомсомуол] билиэтин ыларга диэн быһаарбыттар. Д. Таас
Хараххар үүт ыгыахтара суоҕа көр харах
Онто да суох икки нэдиэлэҕэ дьоҥҥо от охсордоохпун, онно мин харахпар үүт ыгаллара биллибэт.
Суорун ОмоллоонЭэ, кыргыттаар, оонньоон-көрүлээн хаалыҥ, ким да хараххытыгар үүт ыкпат, бу эмээхсин тыыннааҕар сылдьыҥ. А. Сыромятникова
Өссө холобурдар (2)
[Настаа:] Харахтаах кынчарыйар, илиилээх охсор, тыллаах этэр, мин харахпар үүт ыгар ким да суох. ПИП О Т. Ср тюрк. сик, сык ʽсжимать, давить; сломать; угнетатьʼ