ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

ыксаа

туохтуур

Нууччалыы спешить

English to hurry

Ис хоһооно · 7

1 туохтуур #

Нууччалыы спешить

English to hurry

  • үлэҕэ ыксаа
    спешить на работуto hurry to work

2 туохтуур #

Нууччалыы делать очень сильно

English to do something to a great degree

  • дэлби тоҥон ыксаатым
    я страшно замёрзI was terribly frozen
  • куттанан ыксаата
    насмерть перепугалсяs/he was scared to death

3 туохтуур #

Ханна эмэ бараары эбэтэр тугу эмэ оҥоро охсоору тиэтэй

Нууччалыы Торопиться куда-л., спешить делать что-л

  • "Тугун элбэхтэрэй, ити бары ханна ыксаан иһэр дьонуй?" – дии санаата [Ыстапаан].
    А. Софронов
  • [Устудьуоннар] Хойутаары ыксааннар Хойдон-элбээн сүүрдүлэр.
    Күннүк Уурастыырап
  • Тутуу биригээдэтигэр баран кэлэрдээхпин. Сотору кэлиэм. Ыксыыбын
    С. Ефимов

4 туохтуур #

ан эмэ наһаа долгуй, айман

Нууччалыы Тревожиться, беспокоиться, переживать от чего-л. или о чём-л

  • Итинник саҥаны истэн баран, мин улаханнык ыксаатым, сүрэҕим тыаһа битигирэс буолла.
    Н. Неустроев
  • Вера Михайловна олус ыксаабытын, аймаммытын Настя көрөн, киирэн кэпсээбитин кэмсинэр.
    Н. Якутскай
  • Суумкатын ылан көрбүтэ – сурук суох. Рома ыксаата
    А. Фёдоров
Өссө холобурдар (2)
  • Соҕотох хаалан биитэр кими эмэ суохтаан туорхаһый, уоскуйан биэрбэккэ тэһийимэ, нус-хас буолума. Θ Волноваться, томиться, скучать по кому-чему-л. Мин соҕотох хаалан ыксаабытым.
    Н. Заболоцкай
  • [Өрүүнэ] начааскыга ыалдьыт сылдьыбатаҕына, киһи кэлбэтэҕинэ, хоноһо хоммотоҕуна ыксыы түһэр, тэһийбэт
    А. Бэрияк

5 туохтуур #

Кыһалҕаҕа киирэн кыпчыйтар, аччыктаан, ыалдьан муҥур уһукка тиий

Нууччалыы Быть в отчаянии (от голода, болезни)

  • Адьас быстыбыт дьон. Аҕыйах табалаахтарын ыксаан сиэн бүтэрбиттэр.
    А. Софронов
  • Онтон Платон ыксаан кинини [кэргэнин] соҕуруу эмтэтэ илдьэргэ быһаарыммыта.
    Суорун Омоллоон
  • Ийэтэ өлбүтүн кэнниттэн, Уһун күн хоргуйан ыксыыра
    Эрилик Эристиин

6 туохтуур #

Туттуна, кыатана сатаан баран, тулуйума

Нууччалыы Становиться невтерпёж, невмоготу кому-л

  • Өр соҕус туран баран, тулуйбатым, ыксаан улаханнык сөтөлүннүм.
    А. Софронов
  • Ыксаатылар быһыылаах, Ыһыкта сыстылар.
    П. Ойуунускай
  • "Убайдарыам, ыксаатым, сыыҥтыам этэ!" – диир [Мэник Мэнигийээн]
    Суорун Омоллоон

7 туохтуур #

Өлөөрү, тыыныҥ быстаары гын, уһугулаан сыт

Нууччалыы Находиться в критическом состоянии (напр., по болезни)

  • Уол ийэтэ ыксаабытын өйдүүр, билэр курдук, ытаан иэрийэр, өрө мэтэрийтэлиир.
    Н. Якутскай
  • Ол сылдьан, Сүрэҕим ыалдьан Балыыһаланан хаалбыппын, Ыксаан сытан -- Ыарыылыын хапсыбыппын.
    С. Данилов
  • Ыксаан мөҕүс да мөҕүс буоллум, туох да туһа тахсыбата, хата тимирэр курдукпун.
    Т. Сметанин
Өссө холобурдар (1)
  • Ср. алт. ыкча ʽкряхтеть, пыхтеть от напряжения, напрягатьсяʼ, туркм. гысамак ʽторопить, поторапливатьʼ

«Ы» буукуба