Перевод с якутского
ыкса
даҕааһын, сыһыат
Нууччалыы близкий, ближайший (напр., о родне); закадычный (напр., о друге), живущий рядом, ближний
Ис хоһооно · 4
1 даҕааһын #
Адьас чугас (хол., аймах); кэккэлэһэ, тэллэх баттаһа олорор (хол., ыал)
Нууччалыы Близкий, ближайший (напр., о родне); закадычный (напр., о друге), живущий рядом, ближний (напр., о соседе)
Ыкса уруум. Ыкса доҕорум. Кини миэхэ чугас дьукааҕым, ыкса ыалым буолла. Н. Заболоцкай Ыкса улууһа, ыал нэһилиэгэ Кыычыкын уола Лэгиэн кинээс диэн баара Күннүк Уурастыырап
2 даҕааһын #
Сыл-хонук, кэм ааһан эрдэҕинэ буолар, адьас хойукку, уһук кэмнээҕи
Нууччалыы Поздний, приближающийся к исходу, запоздалый (о времени). [Уйбаан:] Баайым буоллар, бу курдук ыкса түүҥҥэ диэри үлэлээн муҥнана турар этиэм
Ыкса күһүн буолан -- өрүс уута аллара аат эрэ харата устан дьалкыһыйар. Н. Заболоцкай Ыкса киэһэ дьиэ аанын туох да бокуой суох тоҥсуйан либигирэттилэр. С. Никифоров Ананий мунньахтан ыкса киэһэ кэллэ М. Доҕордуурап
Өссө холобурдар (3)
Дьон кырыыларынан симсэн ыкса кэккэлэһэ олорбуттар.
Суорун ОмоллоонМааппа эмээхсин миэхэ ыкса чугаһыыр. Далан Өстөөххө ыкса сыыллан тиийэн өмүтүннэрэн саба түстүбүт И. Егоров
3 сыһыат #
суолт. Сыста кэриэтэ, ыга, букатын чугастык (хол., өстөөххө сыыллан тиий)
Нууччалыы В непосредственной близости, примыкая к кому-чему-л., совсем близко, вплотную (напр., сидеть)
4 #
дьөһ. Төрүт түһүгү кытта хайааһын туох эмэ аттыгар буоларын бэлиэтииргэ туттуллар
Нууччалыы Употребляется при обозначении чего-л., подле которого совершается действие (у, к, подле, возле)
Хоноһо аан ыкса сытта. Эмээхсин уот ыкса кэлэн олордо. Оһох ыкса туруоран, Остуолларын тарданнар Оҕолорбут көһүтэн Олороллор этилэр Күннүк Уурастыырап