Перевод с якутского
ыксалас
туохтуур
Нууччалыы располагаться поблизости, рядом, соседствовать
1 туохтуур #
Кими-тугу эмэ кытта сэргэстэс, чугас, аттыгар баар буол
Нууччалыы Располагаться поблизости, рядом, соседствовать
Тыас даҕаны ыксаласпат Чымааннаах айана -- Буолуталаата быһыылаах. П. Тобуруокап Эн сулустардыын ыксаластыҥ, Эн сындыыстардыын сырыстыҥ. С. Васильев "Чуумпутук олорбут ааппытыгар дьэ эмиэ ыал бөҕө ыксаласта", – диир кини [Микиитэ] Д. Таас
2 туохтуур #
Кими эмэ кытта чугас доҕордуу, атастыы буол
Нууччалыы Быть с кем-л. в дружеских отношениях, сближаться
Ыалларын кытта ыксалаһан, дьоннорун кытта доҕордоһон -- Үгүс үтүө хонуктар Үөрэ-көтө ааспыттар. Нор. ырыаһ. Ыалларын ыыстаан-ыыстаан Ыксаласпат гыммыт.
Өксөкүлээх ӨлөксөйБар дьон -- бэйэ-бэйэлэрин кытта өссө ыксаласпыттар, доҕордоспуттар Амма Аччыгыйа