ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

ыаллас

Нууччалыы жить по соседству

Ис хоһооно · 5

1 #

ыаллаа 2 диэнтэн холб. туһ. Ыттар күөнтэһэн, охсуһан, быһыта ытырсан кэбиһээри ууга-уокка түһэрээччилэр. Оччотугар тарыыр мас эрэ ыалластаҕына, дьарыйдаҕына табыллар. Тумат

2 #

Ыаллыы буол, ыаллыы олор

Нууччалыы Жить по соседству

  • Кинилэр төһө да үлэлэрэ атынын иһин, саастарын тухары ыаллаһан, баччаҕа диэри бэркэ эн-мин дэһэн кэлбиттэрэ.
    Н. Лугинов
  • Икки сэниэ ыал Орто Бүлүү үрэҕин баһыгар -- ыаллаһан олорбуттара. Дьүөгэ Ааныстыырап. Тутуу учаастагар үлэлиир -- Гороховы кытта биир дьиэҕэ ыаллаһан олорбуттара
    Чолбон

3 #

Туохха эмэ чугас буол, ыксалас

Нууччалыы Быть, находиться близко от кого-чего-л., рядом с кем-чем-л

  • Космос куйаарыгар көттүбүт, ыйга ыалластыбыт, чолбоҥҥо чугаһастыбыт.
    С. Никифоров
  • Онтон ыла элбэх сайын, Элбэх кыһын кэлэн ааста. Оҕо бэйэбит сааһыран, – Үлэ биһиэхэ ыалласта.
    И. Чаҕылҕан
  • Аны балааккатыгар -- "куһаҕан хоптолор" диэн аатырааччылар ыалласпыттара
    И. Федосеев

4 #

Кимниин эмэ чугастыы, истиҥ сыһыаннаах буол, эйэргэс

Нууччалыы Быть с кем-л. в близких, дружеских отношениях

  • Хаһан эрэ кинилэр Бэртиилэр да этэ. Аны ыалласпаттар.
    И. Гоголев
  • Кимниин даҕаны улаханнык ыалласпата, санаатын сайа кэпсээбэтэ.
    Т. Нутчина
  • Күнтэн күн чугасаһан, сыыйа-баайа ыаллаһан, ирэ-хоро кэпсэтэр, астарын-үөллэрин мэнэйдэһэр буоллулар.
    ЛМ А

5 #

Хаһаайын билбэтинэн кини үбүгэр, аһыгар киир, биллибэтинэн-көстүбэтинэн онтон ыл

Нууччалыы Без ведома хозяина тащить у него что-л. (напр., добычу на охоте)

  • Бүгүн кини икки киһи сиэбигэр ыалласпыт, иккиэннэриттэн дохуотурбут.
    Д. Таас
  • [Булчут] тахсан иһэн, сиэгэн бөҕөс кини лаабыһыгар уурбут тайаҕын этигэр ыаллаһаары сылдьарын таба көрөн, ытан өлөрбүтэ.
    И. Федосеев
  • Василий Васильевич саһылыкаан эрэйэ суох аһыыр сири буллаҕа диэн таайа санаабыта сөп эбит. Кыһыл саһыл ыалласпыт этэ
    ЯАМ ҮүСС

«Ы» буукуба