Перевод с якутского
ыал
аат тыл
Нууччалыы семья; дом
English family; home
Ис хоһооно · 6
1 аат тыл #
Нууччалыы семья; дом
English family; home
(as well as terms derived from this word)
2 аат тыл #
Бииргэ олорор дьиэ кэргэн (эр-ойох, оҕолор, төрөппүттэр, аймахтыылар)
Нууччалыы Группа живущих вместе родственников (муж с женой, дети, родители, родственники), семья
Ойуунускай дьадаҥы ыалга төрөөбүтэ.
Суорун ОмоллоонЫаллар үксүлэрэ сабыс-саҥа дьиэлэннилэр. М. Доҕордуурап Арай дал диэки оҕус айаатыыр, көөртүм сайылык ыалларын сүөһүлэрэ мустубуттар эбит Н. Заболоцкай
3 аат тыл #
Дьиэ кэргэн дьиэтэ-уота, олорор тэлгэһэтэ, хаһаайыстыбата
Нууччалыы Жилой дом, двор, домашнее хозяйство
Ыраах соҕус ханнык эрэ ыаллар көстөллөрө.
Суорун ОмоллоонУулусса эҥин бэрээдэгэ суох, онно-манна абыр-табыр ыаллар көстөллөр. Эрилик Эристиин Кинилэр суол ортотугар олорор Мэхээстээх диэн сэниэ соҕус ыалга этэҥҥэ тиийэн кэлэн тохтоотулар Н. Заболоцкай
4 аат тыл #
Ыкса-чугас олорор, доҕордоһор дьиэ кэргэн (аймахтыы буолбатах)
Нууччалыы Близкие друзья, соседи
Олбуордарын кытыытынааҕы оту ыалларын тарбыйаҕа сиэн кирдиргэтэ сылдьар. Софр. Данилов. Булкун-аскын чугастааҕы ыалларгыныын үөрэ-көтө үллэстэн, аһаан-сиэн үргэнньиктээн кэбиһиэхтээххин. Далан Үтүө доҕотторум, ыалларым, бар-дьонум, мустубуккут иһин махтанабын М. Доҕордуурап
5 этии #
Ыал аайы баар кэпс. – туох да уратыта, дьиктитэ суох, ханна баҕарар баар (киһини этэргэ) Маайа доҕоро ыал аайы баар боростуой киһи. А. Софронов. Сир аайы, ыал аайы баар кыыс, кыыс кыыс курдуга. А. Бродников. Ол эрэ буолуохсут, тимири ыйыстыбыкка дылы буолан, ыал аайы баар киһи эбит. П. Аввакумов.
Нууччалыы Обычный, ничем не отличающийся (о человеке – букв. имеющийся в каждом доме)
Этиилэр
Ыал аатыттан аас
1) эргэр. Быста дьадай, бэйэҕин кыайан ииттиммэт буол.
Обнищать, разориться, стать несостоятельным.
Оҕуһа суох хааллахпытына ыал аатыттан ааһабыт, бараҥҥын үлэлэспитэ буол. Күннүк Уурастыырап; 2) эһин-быһын, өл-сүт. Перестать существовать, пропасть (о семье). Кини Далбараайаптар ыал аатыттан ааспыттарын, эстибиттэрин истэн, аһыйбыта буолбута. "Чолбон". Биһиги эстэн, төрөппүттэрбит өлөн-сүтэн, ыал аатыттан ааспыппыт. ХС Ыал устун бар (сырыт) эргэр. – быста дьадайан, кыаммат буолан, ыалы кэрий. Нищенствовать, ходить по миру. Мин ийэ-аҕа диэни билбэтэҕим, киһини билиэхпиттэн ыал устун сылдьан иитиллибитим.
Күндэ
Өссө холобурдар (2)
Дьөгүөрдээн иэспин илтин эрэ, сотору ыал устун барыахпыт дии. Амма Аччыгыйа Мин уруута-аймаҕа суох буолан, ыал устун барбытым, айаҕым иһин үлэлээн аһыыр хамначчыт курдук сылдьыбытым. "Чолбон". Ыал устун ыыт эргэр. – баарын-суоҕун барытын былдьаан ылан, ыалы кэрийэргэ күһэй, баайын-дуолун эс. Обездолить, сделать нищим, пустить по миру кого-л.
Ыал устун ыыппыт, онтон уоруйахха укпут
арыгы.
Оҕом Сүөдэр, тарбытыгар таралыйаҥҥын, хааһыбытыгар тотоҥҥун биһигини ыал устун ыыттыҥ. Н. Якутскай Тулаайах эрэйдээхтэр тойонноро кэлэн үүртэлиирин, ыал устун ыыталыырын күүтэн олорбуттара. "ХС"
6 этии #
Нууччалыы Создать семью, обзавестись хозяйством, жить семейной жизнью
Этиилэр
Күбэ ыал күөстэнэр киэһэтэ көр күбэ II
Күбэ ыал күөстэнэр киэһэтигэр уруу тэрийбиттэрэ.
Ыал аҕата көр аҕа
"Киһи билбэт гына уларыйан хаалбыккын дии", – диэн баран ыал аҕата уолун тыастаахтык сыллаан ылла. И. Данилов Баҕа санаалаахпыт, хаһан эрэ төннөн Буруо таһааран, төрүөх төрөтөн Ыал аҕата буолан олорор. С. Данилов
Ыал буол
кэргэн тахсан биитэр ойох ылан бииргэ олор, дьиэтэ-уотта, хаһаайыстыбата тэрин Биһиги манна кэлэн, ыал буолан иккиэйэҕин буккураһан олордубут.
Бу эдэр киһи үөрэххин бүтэрэн үлэһит буоллаҕыҥ, хаһан ыал буолуох курдуккунуй? М. Попов Атын дьон оҕолоро кини сааһыгар ойох ылан, ыал буолаллар, оҕо төрөтөллөр. Ф. Захаров
Өссө холобурдар (1)
Ср. др. -тюрк. аҕыл ‘загон для скота’, алт. айыл ‘дом (семья); юрта; селение’, уйг. аилэ ‘семейство, семья’, авыл ‘аул’, монг. айил ‘группа юрт, селение’