ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

дьукаах

аат тыл

Нууччалыы сожитель, квартирант

English neighbor

1 аат тыл #

Кими эмэ кытта биир дьиэҕэ, кыбартыыраҕа эбэтэр хоско бииргэ олорооччу киһи

Нууччалыы Сожитель, квартирант (живущий с кем-л. вместе в одном доме, квартире или комнате)

  • Биһиги дьукаахтарбыт, Соппуруонаптар, куоракка олорор Алампа диэн уруулаахтар эбит.
    Амма Аччыгыйа
  • "Дьукааҕыам, мин эйиэхэ аһым үчүгэйин талан биэрэрим. Эн буоллаххына аһыҥ куһаҕанын талан биэрэҕин. Эһиил мин эйигиттэн арахсыам", – диэхтээбит [чыычаах].
    Суорун Омоллоон
  • Кини биһикки куойкаларбыт кэккэ түбэстилэр. Кини миэнэ чугас дьукааҕым, ыкса ыалым буолла
    Н. Заболоцкай

2 аат тыл #

Киһини кытта куруук бииргэ, тэҥҥэ сылдьыһар туох эмэ

Нууччалыы Что-л. отвлеченное, все время присутствующее в сознании человека

  • Куһаҕаны кытта эйэлэһэн, дьукаах олоруу. Үгүс үтүө дьон итэҕэстэрэ ол баар.
    Н. Лугинов
  • Өлүү, бааһырыы да сэрииһит ыкса ыала, чугас дьукааҕа быһыылаах.
    Ф. Софронов
  • Мунар-тэнэр, туоххаһыйар Санаа дьукаах киирдэҕинэ, Курус ырыа тылларыгар Холбоор нарын иэйиигинэ. "Чэчир". Эвенк. дьулкааки

«ДЬ» буукуба