Перевод с якутского
толон
аат тыл
Нууччалыы крупный град
English degree
Ис хоһооно · 5
1 аат тыл #
Бөдөҥ тобурах
Нууччалыы Крупный град
Тобурах түстэ, Толон буолла, Кыраһа хаар Кыыгыныы көттө.
П. ОйуунускайТолон бэрт кыра сиргэ чүөччэрдии тохтубут. И. Гоголев Сайын ардыгар толон түһэр СМА АҮө
2 аат тыл #
Туох эмэ (хол., буулдьа) биир туһаайыынан барар күрүлгэнэ, халҕаһата
Нууччалыы Поток, лавина чего-л., град
Пилоткабын ыга кэтэн Уот толону аннынан Оҥостуулаах өстөөххө Утары үөмэрим. С. Васильев Төбөтүн өндөттөрбөт гына буулдьа толоно кутар Т. Сметанин
3 этии #
Этиилэр
Муус толон көр толон
Арыт муус толон саккырыыра. А. Абаҕыыныскай Муус толон быыстаах самыыр түһэрэ. М. Ефимов
Толон самыыр көр самыыр
Дохсун силлиэ куугунаан толон самыыр таммалаабыта. Г. Данилов [Ойуун дьоннор] Дьахтар киэнин бары Дьайын көлөһүнүн барытын Толон самыырынан сууйдулар. ТТИГ КХК К. Ср
Өссө холобурдар (1)
др. -тюрк. толы, кирг., тув. долу, туркм. долы ʻградʼ
4 аат тыл #
Халлаан эттигин (хол., ый, күн) сырдыга, сардаҥата
Нууччалыы Ослепительный свет, луч, сияние небесных светил (напр., луны, солнца), Халлааны дьүкээбил уота сарбынньах толонунан сырдатар
Күн толоно буор муостаҕа дьэрэлийэ оонньуура. Р. Кулаковскай Кэлтэгэй ый толонугар ат кулгааҕа чөрөйөр, сиэлэ бураллан ылар ХС
5 аат тыл #
Былыт, хойуу туман быыһынан ыйдаҥаран, сырдаан көстөр күн төгүрүгэ
Нууччалыы Диск солнца, просвечивающий сквозь густой туман, облака
Былыт иһигэр [күн] толоно эрэ баарга дылы. А. Сыромятникова Ср. бур. толон ʻблеск, блик, луч, сияниеʼ