ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

хабырый

туохтуур

Нууччалыы задевать что-л. вскольз, поверхностно, по краю, придавить слегка

1 туохтуур #

Туох эмэ тугу эмэ сиирэ хабан, таарыйан аас

Нууччалыы Задевать что-л. вскольз, поверхностно, по краю, придавить слегка

  • Бэдириэстээх сыарҕа хаары хабырыйан, кыыкынаан бииргэ ыллаһа иһэр буолааччы.
    Күндэ
  • Толору таһаҕастаах массыына кинилэри хабырыйбытынан сир гыннаран ааспыт.
    Р. Кулаковскай
  • Дүлүҥ анныгар кистии аспыт оҥочотун булан ылла, хата, муус хабырыйбатах.
    В. Тарабукин
Өссө холобурдар (1)
  • Үһүс буулдьа Сэмэн Бөтүрүөбүс илиитин тарбаҕын, ытыһын көхсүн хабырыйан ааспыт
    ХБИДК

2 туохтуур #

Киһини тугунан эмэ кыһарый, атаҕастаа, баттаа

Нууччалыы Притеснять, прижимать, угнетать кого-л. [Ыстапааһа:] Баайдаахтар дии-диилэр бэркэ хабырыйан эрэллэр

  • Лэгиэнтэй атыыһыттаах Сүөдэрдээҕи тылга даҕатан хабырыйар, ол-бу сылтах була-була мөҥөр-этэр буолан бараллар.
    Н. Якутскай
  • Тойоттор айдааны тарпыт оҕолору онон-манан сылтаҕыран улаханнык кыһарыйбыттара, хабырыйбыттара
    П. Филиппов

«Х» буукуба