ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

быыһылаа

туохтуур

Нууччалыы проникнуть, пробраться во внутрь чего-л.

Ис хоһооно · 4

1 туохтуур #

Быыс-арыт булан туох эмэ иһигэр киир, билин (сиик, убаҕас, тымныы о. д. а. тустарынан)

Нууччалыы Проникнуть, пробраться во внутрь чего-л. (напр., о жидкости, холоде и т. д.)

  • Бэргэһэм сыҥааҕын баанан, сонум саҕатын туруоран баран, ол таһынан саал былааппынан тууна бааммытым да, тыал син биир иҥнибэт, быыһылаан киирэр.
    С. Никифоров
  • Уу муостаҕа халыйан баран, аанынан саалаҕа быыһылаан киирдэ.
    Н. Островскай
  • Маннык кырааскалар солох дьайыытыгар бэриммэттэр, салгын уонна сиик быыһылаан киирэр-тахсар курдук көпсөркөй буола хаталлар
    ХОДь

2 туохтуур #

Быыска-арыкка хааллар, ардайдаан кэбис, ардайга хааллар

Нууччалыы Оставлять нетронутым, не задевать, оставлять в промежутке

  • Табаарыс, эн, дьоллоох киһи эбиккин. Буулдьа эйигин аһыммыт: көҥдөйдөөбүт эрэ. Ис уоргаҥҥын быыһылаан, таарыйбакка ааспыт.
    С. Никифоров
  • Биллэрин курдук, бурдугу ыһарга агрегат быыһылаан хаалларар, ситэ ыһыллыбакка хааларын таһаарбат инниттэн, хат сабан ыһаллар
    ЭБТ

3 туохтуур #

Тарҕан, иһилин (тарҕанара сөбө суох сурах-садьык, кэпсээн о. д. а. тустарынан)

Нууччалыы Распространяться, стать известным, проникать (о слухах, разговорах и т. п.)

  • Кыһыллар пропагандаларын ханан да быыһылаан киирбэт гыныахпыт.
    А. Федоров
  • Сүөргү сурах бэл райком сэкирэтээрин кабинетыгар быыһылаан киирбитэ
    Р. Баҕатаайыскай

4 этии #

Быыһылыыр бүтэй дорҕоон тыл үөр. - саҥа ситэ ыпсыбатах уорганнарын быыстарынан салгын сыыйыллан тахсарыгар үөскүүр бүтэй дорҕооннор: с, һ, л, х, б Онно төрүт түүр тылын төлөрүйэр бүтэй дорҕоонноро (смычные) хамсаабакка хаалбыттара, оттон быыһылыырдара (проточные) бүтүннүү кэриэтэ уларыйбыттара-тэлэрийбиттэрэ ырылхайдык көрдөрүллэр. ВМС СДО

Нууччалыы Проточный (-е) согласный (-е)

«Б» буукуба