Перевод с якутского
быыһык
аат тыл, даҕааһын
Нууччалыы пыжик
1 аат тыл #
Күһүҥҥү тугут тириитэ
Нууччалыы Пыжик (шкура олененка, снятая осенью)
Кини таҥаһа бүтүннүү быыһык, оҕуруо уонна ойуу.
Суорун ОмоллоонИмитиллибит тириини кытта таҥастаммыт тыһы уонна быыһыгы илтилэр. С. Курилов Хара быыһыктан, таба маҥан уонна хара тыстарыттан, тугуттан, күндү кылааннаах түүлээхтэн тигиллибит хотугулуу ойуулаах-симэхтээх саҕынньахтары, соннору, этэрбэстэри, бэргэһэлэри, үтүлүктэри таҥныбыт дьонну көрүөххэ олус кэрэ. “ ХС
Өссө холобурдар (1)
Күһүҥҥү тугут. Θ Осенний олененок. Түүлээннэр, быыһыктар Түүлэрэ кыбыастар, Муостара түүлээхтэр Муостуйа иликтэр С. Данилов
2 даҕааһын #
суолт. Быыһыктан тигиллибит, оҥоһуллубут
Нууччалыы Пыжиковый
Быыһык бэргэһэ. Быыһык сон. Быыһык тэллэх. Инники өттө иҥнэстибит ампаар турар. Онон-манан быыһык саҕынньахтар, сукуна соннор, оһуордаах-ойуулаах этэрбэстэр намылыһан тураллар. Амма Аччыгыйа Үрүҥ таҥас ойуулаах үргүлдьү тигиллибит бэргэһэлээх көҥдөйдүү уһуллар хара быыһык саҕынньаҕын уста биэрэн уҥа ороҥҥо бырахта. Болот Боотур
Өссө холобурдар (1)
Кырдьаҕас Дьэргэли киэргэлгэ кэтэр быыһык сукуйун таһынан Россия наукаларын академиятыттан ылбыт - улахан үрүҥ көмүс мэтээлин моонньугар иилиммит П. Филиппов
3 #
быыһык ардах - муора быыһыта диэн курдук. Быыһык ардах ибиирэн түһэр. Ат туйаҕыттан сиигирбит суол буора иһэх буолан ыһыллар. В. Протодьяконов. Быыһык ардах, төһө да сэниэтэ суох курдугун иһин, быстыбакка ибиирэр. “Кыым”