ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

кутурук

аат тыл

Нууччалыы хвост

English tail

Ис хоһооно · 8

1 аат тыл #

Харамайдар систэрин тоноҕоһун салгыытынан буолар, кинилэр самыыларын кэлин өттүттэн быгар араас кээмэйдээх уонна быһыылаах чорбох эбэтэр көтөрдөр бөлөхтүү үүммүт кэлиҥҥи куорсуннара

Нууччалыы Хвост (животных и птиц)

  • Эһэ ол түһэ сылдьан биирдэ атыыр үөрүктүйбүт кутуругун кылыгар илин аһыытынан иилсэн хаалта.
    Суорун Омоллоон
  • Сыҥаһа халдьаайы кытаҕар сүүһүнэн сүөһүлэр -- күөх оту үргээн турдурҕаталлар, кумаардаан кутуруктарынан дэйбиирдэнэллэр
    М. Доҕордуурап

2 аат тыл #

Хайа, сыыр намтаан түһэр өттө, арыы, күөл о. д. а. синньээн бүтэр уһуктара

Нууччалыы Отрог горы, горки, суживающийся край острова, озера и т. д

  • "Таас хайа кутуругунан киһи өлүгэ тахсыбыт үһү", – диэн үһүс кэпсээн тарҕанна.
    М. Доҕордуурап
  • Үөрэнэр оскуолабыт мантан сэттэ биэрэстэлээх сиргэ, арыы саамай кутуругар, Ксенофонтов кулуба дьиэтигэр баар үһү
    И. Никифоров

3 аат тыл #

Сылдьыһыы сириэстибэлэрин (борохуот, оҥочо о. д. а.) кэлин өттүлэрэ

Нууччалыы Корма (судна, лодки и т. д.)

  • Туох баар киһи барыта баарса кутуругар түмсүбүттэрэ.
    И. Никифоров
  • Мааппа мөккүһүө дуо, оҥочо кутуругуттан тутуста
    Т. Сметанин

4 аат тыл #

Кими эмэ батыһааччылар, көмүскээччилэр, кимиэхэ эмэ ньылаҥнааччылар

Нууччалыы Приспешники и защитники кого-л., подхалимы, прихвостни

  • Бу мин кутуруктардаах буолбут үһүбүн, бу мин ол кутуруктарбыныын холкуоһунан сырайданан сир үчүгэйин, үүнүүлээҕин ылбыт үһүбүн
    Күндэ

5 аат тыл #

Туох эмэ хайааһын буолан бүтүүтэ (ардах, кэнсиэр о. д. а.). Конец какого-л. действия (дождя, концерта и т. п.). Кэнсиэр кутуругун эрэ баттаатым. Ол "былыт кутуруга" олус сылаас күн этэ. М. Тимофеев

6 аат тыл #

Үлэ ситэ толоруллубакка хаалбыт өттө (хол., туттарыллыбакка хаалан, көһөрүллүбүт эксээмэн)

Нууччалыы "Хвост" (несданный и перенесенный экзамен)

  • Сеня семестр аайы "кутуруктаах" буолар. Ср. др. -тюрк. кудрук; тюрк. куйурук 'хвост'

7 этии #

Нууччалыы Оказать на кого-л. отрицательное влияние, подбивать подстрекать кого-л. на что-л. дурное

Этиилэр

Баһын саллайдын, кутуругун суптуйдун көр бас II

  • Баскыт саллайан Барбыккыт эрэ көһүннүн, Көппүт суолгутун Көһүүн харахтаах көрбөтүн, Куйаар баһынан Кутуруккут суптуйдун!
    П. Ойуунускай
  • Окко түспүт оҥорууҥ биллин, сиргэ түспүт силиһиҥ, мутугуҥ биллин... Баскыт саллайдын, кутуруккут суптуйдун! Ньургун Боотур.

Кутуругар сөрөөбүт

куһаҕан быһыытыгар уһуйбут, куһаҕан сабыдыалы оҥорбут "Мин соҕотох оҕобун кутуруккар сөрөөмө, айа даа!" – диэт, эмээхсин ыҥыранан кэбистэ.

  • Кыһалҕаттан туһанан, улахан уолбун Ньуукканы иитэн абыраабыта буолан, кутуругар сөрөөн, ханна-ханна тиэрдэр.
    С. Ефремов
  • Мин туох да буруйа суох сордоохпун. Эрим, ол өрөпкүөм Өлөксөй уһун кутуругар сөрүөстэн, абааһы буолтун аайы.
    Эрилик Эристиин

Кутуругар туос баайбыт

1) куһаҕан быһыыга, холобур, түөкүн буоларга, уһуйбут.

Научить плохому, например, воровству; 2)

  • үүрэн ыыт. Прогнать. Кэллэҕинэ даҕаны кутуругар туос баайан баран үүрэн кэбиһиэххэ наада.
    ХС

Кутуругунан оонньуу сылдьар

көҥүл-босхо, туох да кыһалҕата, санаата-оноото суох сылдьар (буруйданыахха айылаах да буоллар).

Чувствовать себя совершенно безнаказанным, вольготно (хотя имеет и грешки).

  • Обургуҥ дьолугар, ыскылаат умайан хаалан, буруйа дакаастамматаҕа, онон ити кутуругунан оонньуу сылдьар.
    И. Гоголев

Кутуругун быһа кыбыйан сылдьар

куттанан (ыксаан) сылдьар.

От страха, поджимать хвост.

  • Биэлэйдэрбит тоҕо эрэ олус ньылбыстылар эбээт... маннааҕы тойотторбут кутуруктарын быһа кыпчыйбыттара тоҕо эрэ олус.
    Амма Аччыгыйа
  • [Осип:] Харчытын суолга хаартылаан соролотон баран, чыычааҕым, билигин кутуругун быһа кыбыйан олорор, уруккутун курдук тыыллыбат-хабыллыбат.
    Н. Гоголь

Кутуругун кумунар (купчуччу, кумуччу туттар)

кимтэн, туохтан эмэ куттанар, саллар.

Бояться, опасаться кого-чего-л. (соотв. поджать хвост).

  • Бу сырыыга буомбалар тэйиччи түһүтэлээтилэр. Өстөөхтөр күүстээх уоттан кутуруктарын кумуннахтара.
    С. Никифоров
  • "Биһиги иһэбит," – дииллэрэ кинилэр, саҥа үйэ дьоно. Алаас кэнэн ыаллара, кутуруккутун кумуччу туттан олоруҥ.
    В. Гаврильева
Өссө холобурдар (1)
  • Кутуруктарын купчуччу туттан, төбөлөрүн дьүккүтэн, истэрэ систэрин үөһүгэр хам сыстан унньуҥнаһан истилэр.
    Р. Кулаковскай

Кутуругун эрийэн биэр

кэһэйэр гына кытаанахтык мөҕөн, сэмэлээн биэр.

Сделать крепкий выговор, упрек (букв. накрутить хвост кому-л.).

  • Сүбэ мунньахха мин эһигини барыгытын кутуруккутун эрийтэлээбэккэ оҥорторбутум буоллар, маннааҕар куһаҕаны ылыам этэ.
    В. Ажаев

Кутуругун эрэ көрөн хаалыаҥ

сыыһа тутуннуҥ да, куоттарыаҥ (хол., булду).

Допустишь малейшую ошибку – упустишь (напр.

  • , охотничью добычу).

Сыыһа-халты тутуннуҥ да

киис кутуругун эрэ көрөн хаалыаҥ. "ХС". Кутурук баттаһа сырыт - арахсыбакка куруук батыһа сырыт, бииргэ сырыт.

Не отставать, всегда следовать за кем-л. всюду.

  • Сорох эдэр дьахталлар киинэҕэ, оонньууга эрдэрин туора-маары хаамтарымаары, кутурук баттаһа сылдьаллара ханна барыай.
    И. Никифоров

Кутурукка соһулун (хаал)

үлэҕэ, үөрэххэ о. д. а. дьонтон лаппа хаал.

соотв. тянуться в хвосте (в работе, в учебе и т. д.).

  • Бу ааспыт декадаҕа биһиги агрегаппыт оройуон үрдүнэн саамай кутурукка соһуллан иһэрэ билиннэ.
    ХС
  • Хайата да буолтун иһин "кутурукка хаалар" санаата суоҕа. Биэс т.

Кутуруккун куйбас гыннар

куот, түргэнник куот.

Убежать, удрать, давать стрекача.

  • Сыыры айаҕар түһэрэн ылаат, саһыл кутуругун куйбас гыннарбыт.
    И. Крылов

Кутурук маһа буол (гын)

туох да соруга суох эрээри, кими эмэни мэлдьи батыһа сырыт.

Постоянно следовать за кем-л. без особой надобности.

  • "Үс сылы быһа сөбүн кутурук маһа гынныгыт. Түксү!" – диэн силбиэтэнэр Сеня, дьиҥнээхтик кыыһыран буолбатах, ааттатаары.
    Н. Лугинов
  • Киниттэн [Наһаартан] түөрт сыл балыс алталаах Бүөтүккэ, убайыгар кутурук маһа буолан, эмиэ туһалаһар.
    ХС

Кутурукпут

куйаар, баспыт – байҕал – ханна тиийэрбит, хаһан төннөрбүт биллибэт (ыраах, өр кэмнээх айаҥҥа туруу туһунан).

Куда доедем, когда вернемся неизвестно (о дальней, долговременной поездке - букв. голова его – море, хвост его – безвестная даль.

  • ) Дьэ, онтон кэлиҥ, киэҥ сырыыланан, Кутурукпут – куйаар, баспыт – байҕал.

Өстөөххө

ырыа үс кырыыланар, Доҕотторго – таптал.

  • Эллэй. Ээ, ол кинилэр диэн бастара - байҕалга, кутуруктара - куйаарга буоллаҕа эбээт.
    ХС

Кутурук салай (салайтар)

ойуун кыырарыгар көмөлөс.

Быть помощником шамана.

  • Уолла убайа Суоллар Кыраһын ойуун биирдэ ыҥыртаран үөһээ дойдуга тахсарыгар кутурук салайтарбыта үһү.
    Саха фольк

Кутурук уопсан

букатын чугас батыһан, ситиэхчэ буолан (кэл, эккирэт).

соотв. наступать на пятки (приходить, прискакать, догонять и т. д.).

  • Тайах кэнниттэн түөрт торҕон бөрөлөр кутурук уопсан субуруҥнаһан киирээт, ууттан чаҕыйан -- субурус гыммыттара.
    Далан
  • Дьонум инники ыстаннардылар. Бастаан утаа хаалсыбакка кутурук уопсан испэхтээн баран, кэнникинэн улам хаалан бардыбыт. Н. Кондаков

8 этии #

Нууччалыы Рулевое весло

Этиилэр

Кутурук эрдии

оҥочону, аалы (болуоту) салайарга аналлаах кэлиҥҥи эрдии Кулаак кутуруга эргэр., ист. - кулаак хос моонньоҕо, кулаакка ньылаҥнааччы.

Кулацкий прихвостень (презр.

  • название людей, сочувствовавших кулакам). Флегонтов диэн кулаак кутуруга биир сиэйэлкэни соруйан алдьатта. Эрилик Эристиин

«К» буукуба