Перевод с якутского
албан
даҕааһын, аат тыл
Нууччалыы знаменитый
English famous, renowned
Ис хоһооно · 5
1 #
албаа диэнтэн атын. туһ. Ытыллыбыт, Ылламмыт, Кыайыынан албаммыт Кыһыл былаахпытын Сэттэ муора ардыгар Тилэри ыйаабыппыт. А. Абаҕыыныскай. Албаммыт, таптаммыт ат сылгы, быраһаай! Күннүк Уурастыырап
2 даҕааһын #
, үрд. Аатырбыт, бэртээхэй, уһулуччулаах (үксүгэр поэз. тут-лар)
Нууччалыы Славный, отменный (обычно употр. в поэз.)
Үтүө кэскил, Үөрэх-билии, Албан үлэ, Айар идэ Аана биһиэхэ аһаҕас. А. Абаҕыыныскай Манна куйаар да салгыҥҥа, эрэл уота, эн албаҥҥын!.. И. Чаҕылҕан Саха омук дьонуттан Саллар сааскыт тухары Сата буурай махталы -- Арассыыйа албан ыччатыгар Иэскит курпдук иэйэҥҥит Туттараахтыы Тураарыҥ! С. Зверев
Өссө холобурдар (1)
Ыар-нүһэр. Θ Священный, тяжкий (о клятве). Албастаах санааттан талыллан тахсыбыт албан андаҕартан ордук ыарахан бэлиэ тапталга баар буолуо диэбэппин
Өксөкүлээх Өлөксөй
3 этии #
Нууччалыы Во имя кого-чего-л., преодолевая труднейший путь (идти, ехать, устремляться куда-л.)
Албан уккуйан (алкыйан) фольк., үрд. - 1) ким, туох эрэ туһа диэн анаан-минээн, ыарахан сындалҕаннаах айаны тэлэн (ханна эрэ дьулус, кэл-бар) Күөх муох таҥастаах Көй Боллох тойоҥҥо аат ааттаан, албан уккуйан киирбитим. Күннүк Уурастыырап Аан ийэ дойду Алыс адьырҕалара Албан алкыйан ааҥнаатылар.
Өксөкүлээх ӨлөксөйУраты дойдулартан Атын аартыктартан Аат ааттаан, Албан уккуйан Араас омук ааттаахтара Ураты дойду урдустара Кэрэмэс бэйэтин көрөөрү Кэлэр идэлэммиттэр. С. Зверев; 2) анаан-минээн сиһилии, ыатаран (ааттаа - үксүгэр олоҥхоҕо дьулааннаах, улуу күүстэри). Θ Проникновенно, подробно, с особым пристрастием (называть, перечислять великие и грозные имена в олоҥхо, что может быть чревато тяжелыми последствиями). Аллараа адьарай аймахтарын Аҥаарыйар атыыр ааттаахтарын Албан уккуйан тураммын Ааҕан таһаардахпына [Аан-Дьааһын диэн Ааттаах дьахтар хотуннаахтар эбит]. П. Ойуунускай
4 этии #
Нууччалыы Громкая слава; широкая известность (обычно о лицах, имеющих выдающиеся заслуги перед обществом, народом)
Этиилэр
Албан ааттан көр албан аатыр
Ааттаах албан ааттанаар, Улуу дьоллоох сурахтанаар. С. Зверев. Айхал этэбит ньургун дьоннорго - Өлөр өлүүнү кыайбыттарга, Төрүүр дьиэттэн албан ааттанарга Анал пааспар ылбыттарга. И. Эртюков. Албын аатыр - үтүө дьыаланы оҥорон киэҥник билин, уруйдан, айхаллан.
Быть прославленным, получать широкую известность, громкую славу (своими большими добрыми делами).
Тыл албан аатырбыт худуоһунньуга Горькай өлбөт-сүппэт айымньыларынан бүтүн аан дойду култууратын сайдыытыгар саҥа суолу арыйбыта. Софр. Данилов. Ньургун Боотур өстөөхтөрүн өһөртөөн, аартык ахсын атыыр оҕус курдук лаҥкыначчы айаатыыр албан аатырбытын туһунан көбө-саба кэпсээн кэҕийэр, ыллаан чоргуйар. Болот Боотур Кырдьаҕас хомуньуус бэтэрээннэр ыччат ортотугар аҕа көлүөнэ албан аатырбыт бойобуой уонна үлэҕэ үгэстэрин пропагандалааһыҥҥа көхтөөхтүк кытталлар, үгүс сыраларын, билиилэрин-көрүүлэрин биэрэллэр. “Кыым”. Албан аатырыы - улахан үтүө дьыаланы оҥорон киэҥник биллии, уруйданыы, айхалланыы. Широкая известность, громкая слава. Үлэҕэ баар - албан аатырыы, Үлэ - ырыа, үлэ - үөрүү. Дьуон Дьаҥылы.
Албан-дьаһах аат көр албан аат
Ат тиийиэҕинэн албан-дьаһах аат (өс ном.). Аартык тиийиэҕинэн Албан-дьаһах ааккын Ааттаан эрэбин, Суол тиийиэҕинэн Суон-модун сураххын Сураҕалаан эрэбин! П. Ойуунускай. Туох да өйдөппөт билигин Аар Гудал албан-дьаһах аатын, Кини кэрэ Тамаратын! М. Лермонтов (тылб.). Албан аат кулууба - өрөбөлүүссүйэ, үлэ уонна сэрии бэтэрээннэрин түмэр тэрилтэ.
Клуб Славы (общественная организация, объединяющая ветеранов революции, войны и труда).
Албан аат кулуубун оройуоннардааҕы тэрилтэлэрэ улахан кыһамньыларын уураллара эрэйиллэр. “Кыым”. Албан аат музейа - өрөбөлүүссүйэ уонна сэрии кыайыыларын көрдөрөр аналлаах музей. Музей, посвященный победе революции, гражданской и Великой отечественной войн. Тиксии орто оскуолатыгар киирдэххэ албан аат музейыгар хараҕыҥ хатанар. “ББ”
5 #
түөлбэ. Дьаҥ, ыарыы
Нууччалыы Эпидемическая болезнь, эпидемия