Перевод с якутского
үр
туохтуур, аат тыл
Нууччалыы скрести; чистить
English to scrape, to peel
Ис хоһооно · 9
1 туохтуур #
Нууччалыы скрести; чистить
English to scrape, to peel
инчэҕэй тириини үр скоблить мокрую шкуруto scrape wet skin
2 туохтуур #
Салгынынан илгий, сайа оҕус, тыалыр
Нууччалыы Веять, нести струи воздуха, дуть (о ветре)
Эти-хааны дьэгдьитэр эмтээх салгын үрбүтэ, – Көмүс өҥнөөх долгунум Күндээрийэ түспүтэ. Күннүк Уурастыырап Муус кырыа дьиэбит оһоҕун Уотун тыал саба үрэр. Эллэй. Хотуттан кимиэллээхтик үрэр тымныы тыал кини сүрэҕин-быарын ортотунан сайан киирэрэ И. Федосеев
3 туохтуур #
Айаххыттан салгын күүстээх сүүрээнин таһаар
Нууччалыы Выпускать ртом сильную струю воздуха, дуть
Бэҕэһээ киэһэ холумтаныгар күлүнэн көмпүт уоттаах чохторун хардаҕас төбөтүнэн арыйа-арыйа, мас оттон, тымтыгынан күөдьүтэн, үрэн сирилэттэ. А. Софронов Мөлтөөн иһэр уот төлөнүн наһаа күүскэ үрэн, умуруоран кэбиһиэххин эмиэ сөп. Амма Аччыгыйа Горну Чүөчээски бастыҥ доҕоро Марат үрэрэ, оттон барабааны Петя уол тыаһатара
Суорун Омоллоон
4 этии #
Нууччалыы Бесхарактерный, слабовольный (букв. выдохнешь – он туда, вдохнешь – он сюда) (о Тура-олоро дьороһуйбут, Киирэ-тахса биэрэстэммит, Үрдэр антах, Өҕүрүйдэр бэттэх
Этиилэр
Үрдэр антах, өҕүрүйдэр (эҕирийдэр) бэттэх
киһи эппитинэн эрэ сылдьар, бэйэтэ миниэнньэтэ суох, мөлтөх (киһи) Өксөкүлээх Өлөксөй. Үрүллүбүт хабах курдук "хоос" гынна – өрүкүйэн, омуннуран баран уостан хаалла.
Легко и быстро остывать (после запальчивости, горячности, бурного возбуждения).
Киһибит эмискэ үрүллүбүт хабах курдук "хоос" гынна
5 этии #
Нууччалыы Огнестрельное ружье, заряженное порохом
Этиилэр
Үрэр саа түөлбэ
буораҕынан иитиллэн, эстэр саа Үрэр да саанан ытарга ааттаах баарым.
УАЯ А. Тимир суол тилигирээтэ, Тэлигирээп тэһииргээтэ, Тэлэпиэн тэбиэһирдэ, Тэргэн саа тигинээтэ, Үрэр саа үлүһүйдэ. Өксөкүлээх Өлөксөй
6 туохтуур #
Быстах-быстах, төлүтэ барар курдук бүтэй саҥаны таһаар (ыт туһунан этэргэ)
Нууччалыы Издавать лай, лаять (о собаке)
Мууһунан утаҕын ханнаран баран, туран истэҕинэ, Түргэнэ үрэн тоҕо барда.
Суорун ОмоллоонТаһырдьа Дьүкэ биир тыынынан лоҥкуначчы үрээт, уурайан хаалла. Болот Боотур Алааска киирдилэр, ыал ыта Ыраахтан үрэ тоһуйда, Утуйбут дьиэлээх соһуйда Дьуон Дьаҥылы
7 туохтуур #
үөхс. Кими эмэ үөх, саҥар, мөх
Нууччалыы Выражать свое недовольство, в грубых, резких словах, браниться
Үксү үрбэккэ олор, эмээхсиэн! – Сыллай Луха, кыһыл сирэйэ үллэ түһээт, бардьыгынаан тоҕу барда. Амма Аччыгыйа [Баабыла:] Мин үөрэҕэ суохпун да, суобаһым эйигиннээҕэр ыраас. [Сүөкүлэ:] Суобаһа суоҕу миигин булаҥҥын үрэ тураҕын дуо? И. Гоголев Соххор, эн баҕас үрбэккэ тур! Эн соҥҥун биһиги сарбыйан сиэбиппит дуо?! – Андыҥ Дайыыла ырхайан дэлби ыстанна М. Доҕордуурап
8 этии #
Нууччалыы Дойти до крайней бедности, ослабления
Этиилэр
Ыт үрбэт, киһи көрбөт буол
быста дьадай, дьүдэй, мөлтөө-ахсаа Уол оҕо барахсан, Ыал хоннорбот, Ыт үрбэт, киһи көрбөт буолан баран, Түөрт үрэх баһыттан биирдэригэр Дьоло тосхойор, Быйаҥа быгыалыыр, Кэскилэ кэтэһэр кэмэ кэлиэҕэ.
Саха нар. ыр. II
9 туохтуур #
Тириини таҥастыырга бэлэмнээн субатын эбэтэр түүтүн үрбэнэн кыһыйан ыраастаа
Нууччалыы Скоблить, счищать (мездру с кожи) специальным орудием үрбэ I
Инчэҕэй тириини үрэр. Ыстапаанньыйа суол ааныгар олорон тирии үрэр.
КүндэАндаатар тириитин үрэр (ыраастыыр) мас эмиэ туспалаах ХС