Перевод с якутского
тала
даҕааһын
Нууччалыы мощный, здоровый
Ис хоһооно · 5
1 даҕааһын #
даҕ
Хата, мин көрдөхпүнэ, үлэлээбэт дьон кимнээҕэр баайдар-талымнар, эмистэр, талалар, оттон эн ньалҕарыйбытыҥ көстүбэт.
Суорун ОмоллоонБэрт Хара киэбэ талата кутан оҥорбут курдук. Эрилик Эристиин Тальков киэбин талатын, атыгар олорон иһиитэ толуутун, дарханын дьоно бэркиһии, хайҕыы көрбүттэрин билбэккэ эрэ этэрээт иннигэр киирэн бастаата. Ж. Верн (тылб.)
2 даҕааһын #
Толору эттээх-сииннээх, дьоһун көстүүлээх (киһини этэргэ)
Нууччалыы Мощный, здоровый; солидный (о человеке)
3 даҕааһын #
Дьиҥнээх дьүһүнүн, киэбин сүтэрбит, киһи иилэн ылбат буолбут (тыыммат барамай туһунан – буолб. ф.)
Нууччалыы Потерявший свой нормальный первоначальный облик, ставший негодным (в отрицат. ф. и отрицат. оборотах)
Илиммит талата суох буолбут. Бу таҥас талата биллибэт (эргэрэн, алдьанан). Аан дойду талата биллибэт Алдьархайа ааҥнаата, Улуу дойду уҥуоргута көстүбэт Уот буурҕата уһуутаата. Саха нор. ыр. III
4 даҕааһын #
Атын тыллары кытары холбоһон: күүстээх, кыахтаах, модун, баараҕай
Нууччалыы В сочетании с другими словами: мощный
Күөҕэ-талата бэрт от! ПЭК СЯЯ
5 этии #
Нууччалыы Одним взглядом (окинуть)
Этиилэр
Көрүөх талата (тиий)
көрүөх бэтэрээ өттүнэ диэн курдук.
Мөрүөн Бүөтүр таһырдьа ойдо уонна Дуняша үлэлиир хонтуоратыгар, "сельстройга" матасыыкылынан көрүөх талата астаран тиийдэ. Э. Соколов
Көрүөх талата (көр)
хараххын быраҕан тугу эмэ биирдэ анаар (түргэнник, бэргэнник) Сүүһүнэн көстөөх дойдулары көрүөх талата көрөн олорор.
Ср. телеут. тала ʻмышцыʼ, джаг. тал ʻжирʼ