Перевод с якутского
талаа
туохтуур
Нууччалыы отнимать силой что-л. у кого-л., грабить кого-л. [Суруксут:] Ылбыт харчыбын талаан ыллылар диир [Бэһиэччик]
Ис хоһооно · 4
1 туохтуур #
Кимтэн эмэ күүскүнэн эбэтэр саанан, сэбинэн куттаан былдьаан, халаан ыл
Нууччалыы Отнимать силой что-л. у кого-л., грабить кого-л. [Суруксут:] Ылбыт харчыбын талаан ыллылар диир [Бэһиэччик]
Үгүстүк биллибит, талбыттан талааммыт тамахха таптайбыт, талаанньыт аатырбыт -- биэлэйдэр бэртэрэ биһиги этибит
П. Ойуунускай
2 туохтуур #
Туох эмэ сыаналаах ууруллубутун (үксүгэр дьиэни, ампаары, ыскылааты) күүскүнэн алдьатан киирэн илдьэ бар
Нууччалыы Похищать, грабить путём взлома; расхищать казённое имущество; разбойничать
Лааппытын талаары гыммыттарын кини сир аайы ууһумсуйан олорон кэпсиир. Амма Аччыгыйа Куорат иһинээҕи кэпэрэтииптэри, сэбиэскэй эргиэн сууттарын барытын талаан аһаабыттар. Эрилик Эристиин Охуоскай, Айаан, Ньылхаан устун күрээн сылдьар үрүҥ эпписиэрдэр, баандалар нэһилиэнньэни, кэпэрэтииптэри, таһаҕастаах борокуоттары талыыллар Д. Токоосоп
3 туохтуур #
Халабырдаах сэриинэн киир, оннук сэриини күөртээ
Нууччалыы Разорять войной. [Биһиги дойдубут дьолун-соргутун] билигин ким кэҕиннэриэн, талыан, ууга-уокка уматыан баҕарарый?
Тастан киирэр Талыыр күүстэн Хаарыан ийэ дойдубутун Харыстаһан тураммыт, Иҥсэ мэнэгэй бэлэһи Иҥнэрэргэ бэлэммит! А. Абаҕыыныскай Ньиэмэстэр талыы кэлбит сэриилэрин славяннар кыдыйталаан кэбиһэллэрэ АЕВ ОҮИ
4 этии #
Аттаахтан кымньыытын халыыр, сатыыттан тайаҕын талыыр – аттаахтан кымньыытын, сатыыттан тайаҕын ылбыт диэн курдук. Аттаахтан кымньыытын халыыр, Сатыыттан тайаҕын талыыр Албын-көлдьүн ыраахтааҕы -- Ар-бур тыла сатаарыйда. Эллэй. Ср. др. -тюрк., тюрк. тала ʻграбитьʼ, монг. талах ʻконфисковать; грабитьʼ