Перевод с якутского
талаан
аат тыл
Нууччалыы выдающиеся врождённые качества, талант
Ис хоһооно · 4
1 аат тыл #
Айылҕаттан бэриллибит уһулуччулаах дьоҕур
Нууччалыы Выдающиеся врождённые качества, талант
Чаҕылҕан айар талаана сайдан, ситэн, кинигэттэн кинигэ ахсын наһаа уустугурдуллубут уобарастартан, иирчэх-баарчах этиилэртэн улам босхолонон испитэ. Софр. Данилов. Кини [Амма Аччыгыйа] саныырынан талаан – айылҕа күндү бэлэҕэ, нарын-намчы дьоллоох дьоҕур. ФЕВ УТУ. Үгэ олус уустук уонна суруйарга ыарахан пуорманан ааҕыллар, онон үгэһит талаан сэдэхтик үөскүүр ВГМ НСПТ
2 аат тыл #
Айылҕаттан бэриллибит уһулуччулаах дьоҕурдаах киһи
Нууччалыы Человек, обладающий выдающимися врождёнными качествами, способностями, талант
Кини [П. А. Ойуунускай] үүнэр талааннары -- иитии, таба суолга таһаарыы үлэтигэр ураты суолтаны биэрэрэ. ХС Онтон сотору, икки сыл үөрэммиттэрин кэннэ, устуудьуйалара эмискэ сабыллан, бэрт элбэх талаан ыһыллан хаалар. ӨӨ ДДьДТ. Бу модун талаан [Александр Дюма] барыта икки сүүс биэс уон арамааны уонна сүүрбэ биэс пьесаны суруйан хаалларбыт. ЭК Русск. талант
3 аат тыл #
Дьол-соргу тосхойуута, туохха эмэ табыллыы, сатаныы
Нууччалыы Счастье, удача, везение, желательный исход дела
Таастыы лачыгырыыр тарбаҕыҥ талаана биллин.
П. ОйуунускайНэһиилэ Кыл тыына кырдырҕаан, Сур тыына сурдурҕаан Өрөгөй көрдөһө, Талаан тардыһа сытта. С. Васильев Ити күөрэйэн эрэр күннүү, Инникиҥ үчүгэй буолуоҕа, Олоххор тохтообокко үүнүү, Өрөгөй талааныҥ үрдүөҕэ. И. Эртюков
Өссө холобурдар (1)
Ср. хак., бур. талаан, казах. талан ʻсчастьеʼ
4 аат тыл #
Туох эмэ уу ньуурун хамсатыыта, долгутуута (хол., кус күөлгэ түстэҕинэ үөскүүр кэҥээн иһэр иилэр, биллэр-биллибэт долгуннар)
Нууччалыы Круги на воде (от соприкосновения чего-л. твёрдого с поверхностью воды). [Кустар] түһэн баран, уу талаана сүтүөр диэри ону-маны одуулаһан, иһиллии олорбохтоот, уу иһэ-иһэлэр сапсыммахтаатылар, онтон ууга моонньуларын уга-уга аһаан ньалыгыратан бардылар
[Дьөгүөр оҕонньор] күһүн сүөлбэргэ маннааҕар ордук хараҥа буолааччы да, түспүт куһу ууга талаанынан көрөн ытыллар буолуллара дии санаата. В. Иванов Сотору-сотору бөдөҥ соболор өрүтэ ыстаммахтыыллар. Талааннара тиэрбэс-тиэрбэс тараанньыктанан эриллимэхтии түһээт, тула тарҕанан, устунан уостан, сүтэн хаалаллар. И. Сосин Ср. эвенк. талан ʻкруг на воде (от брошенного предмета)ʼ