ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

кэрэдэхтээ

туохтуур

Нууччалыы ходить по миру, бродяжничать, нищенствовать, попрошайничать

1 туохтуур #

бэй. туһ. Ыалы кэрийэн аһаа, ыал устун бар, кумалааннаа

Нууччалыы Ходить по миру, бродяжничать, нищенствовать, попрошайничать

  • Ол баҕайы [Куһаҕан Ньукулай] куораты кэрэдэхтээн салгытан баран, эмиэ сонурҕатан -- кэллэҕэ
    М. Доҕордуурап
  • Бырах сырыт, бырадьаагалаа. Θ Бродяжничать, скитаться. Ити кэм устатыгар мин дууһабар салгыы, сылайыы да, саҥаттан саҥа сиргэ кэрэдэхтиир кыыбаҕа санаа да күөрэйэн көрбөтөхтөрө.
    А. Куприн
  • "Төрөөбүт дойдугуттан атах балай барарга кэрэдэхтиир баҕаҕыттан ураты туох төрүөттэр баалларый?" - диэн ыйытта [аҕам]. Д. Дефо (тылб.)
Өссө холобурдар (1)
  • Көрдөһөн иэс-күүс салҕан, умналаа. Θ Сводить концы с концами попрошайничаньем; попрошайничать, побираться. Сээкэйи иэс-күүс салҕанан, кэрэдэхтээн сии сытаҥҥын, оҕобун уолгар кырбатаҕын
    Амма Аччыгыйа

2 туохтуур #

Күүскүнэн өттөйөн киирэн халаа, былдьаа, апчарый

Нууччалыы Присваивать, грабить, насильственно прихватывать чужое

  • Киин сирбитигэр Кэрэдэхтээн киирээри Кэрээниттэн тахсыбыт Кэҥсэрбит Гитлери -- Суоллары суурайыахпыт, Сыттары мэлитиэхпит! Саха нар. ыр. III. Биирдии ынахха ымсыыран кэрэдэхтээбит удьуорум суох.
    М. Доҕордуурап
  • Кимнээх бу кэлэҥҥит, Кэрэдэхтээн киирэҥҥит, Төһө кииспин, саһылбын, Төһө кыыл табабын Уораҥҥыт бултаатыгыт, Улуу тыабын аймаатыгыт?! В. Лебедев (тылб.)

«К» буукуба