Перевод с якутского
кэрэдэх
аат тыл
Нууччалыы нищий, бродяга, побирающийся по людям
Ис хоһооно · 5
1 аат тыл #
, бэй. туһ
Эрэ буолуохсут: "Ээ, илэчиискэ... ыалы кэрийэ сылдьар кэрэдэх... өссө саҥалааххын-баҕастааххын!" - диэтэ.
П. ОйуунускайБили кэрэдэхтэрбит, уоллаах иирээки дьахтар, түүн күрээн хаалбыттар. В. Гаврильева Ити күнтэн ыла мин Кытыл-Дьура ыалын кэрэдэҕэ буолбутум И. Никифоров
2 аат тыл #
Ыалы кэрийэн аһыыр туга да суох киһи, кумалаан
Нууччалыы Нищий, бродяга, побирающийся по людям
3 аат тыл #
Кулут; батараак
Нууччалыы Раб, рабыня; батрак
Оо, аньыы туолан, аны бу мин урукку кэрэдэхтэрбин, Сайсары эмээхсиннээҕи, ааттаһа, сылгы хаһатынан айах тута кэллэҕим.
Суорун ОмоллоонНүһэр Дархан ол дойдуга аттанна, Бу кэрэдэхтэр кинини арыаллыах тустаахтар И. Гоголев
4 аат тыл #
Киһилии бодотун сүтэрбит киһи, илэчиискэ
Нууччалыы Жулик, мошенник; опустившийся человек. [Чоочо:] Кэрэдэҕи кэһэтэр гына, Сытыганы сыһытар гына Остуруогай уурууну уурдаргын, Хара ыты харса суох Хаайдаргын харыстыа этиҥ
Өбүгэлэр ытык үгэстэрин кэспит ыттыы сигилилээх кэрэдэхтэри кытта атын кэпсэтии баар буолуон да сатаммат. Далан Ытыктыыр ыанньыксыппыт, Кэлин тиийэн билпит, Кэрэдэх кэбин кэппит: Үүтүгэр ууну эппит С. Тарасов
5 аат тыл #
үөхс. Дьиккэр, үөдэн, дирээн
Нууччалыы Паршивец, негодяй, дрянь
Бу кэрэдэх тылын истиҥ! Соруйан гынар ээ ити! Амма Аччыгыйа Бу сиргидэх сиэтэҕин! Киэр буолуҥ, кэрэдэхтэр! Болот Боотур Бу кэрэдэҕи көр эрэ! С. Никифоров