Перевод с якутского
энньэ
аат тыл
Нууччалыы приданое девушки-невесты при выходе её замуж
1 аат тыл #
, эргэр. Кыыс оҕо кэргэҥҥэ тахсарыгар төрөппүттэрэ биэрэн ыытар баайдара (сүөһү, үп, таҥас-сап уо. д. а.)
Нууччалыы Приданое девушки-невесты при выходе её замуж
Кыыс -- энньэтэ тоҕус мөгүрүк сүөһү буолар. Саха фольк Быйыл саас Миитэрэй ол кыыһы "кэпсэппитһ. Кини халыым төлүүр баайа суох, онон энньэ да эрэйэр кыаҕа суох. Амма Аччыгыйа Ол сир, кыыс энньэтэ буолан, кэнники Арчах нэһилиэгэр быһа анньыллан барбыт. Болот Боотур
Өссө холобурдар (1)
Тукаам, Маасаа, чэ кэл, тахсыах, бүгүн энньэҕэр сэттэ сүөһүнү үүрдэрэбин М. Доҕордуурап
2 этии #
Нууччалыы Раб или рабыня, полагавшиеся в приданое невесте, в обязанности которых их обычно входило: сопровождать свою госпожу, отворять дверь, подавать умываться
Энньэ кулут эргэр. – эргэ сүктэр кыыска дьоно биэрэн ыытар кулуттара "Хойут утуйар, Эрдэ турар, илин-кэлин түсүһэр, Илии-атах буолсар. Энньэ кулут уолга Наадыйарыҥ буолаарай?" – Мин оннугунан барсыам этэ. Күннүк Уурастыырап [Сыҕай] Мотуруона диэн Доодороп кулуба энньэ кулутун булан ойох ылбыта. Эрилик Эристиин [Анньыһар Боотур:] Акаарыа, Нүһэр Дархан курдук киһиэхэ энньэ кулут кыыс буолан бараргыттан Киэн туттуох тустааххын! И. Гоголев
Өссө холобурдар (1)
Ср. алт. индье, хак. инчи, монг. инж ʽприданоеʼ