ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

сэриилээ

туохтуур

Нууччалыы идти войной, воевать

1 туохтуур #

Сэриинэн түс, сэриинэн киир

Нууччалыы Идти войной, воевать

  • Төрөөбүт сирбитин Япония сэриилиир, Үөр мина тиргэтин Муораҕа иитэлиир.
    П. Тобуруокап
  • [Эдьиийэ:] "Оҕом сыыһа, булугас өйө сүрдээх ээ, Кырыыстаах ньиэмэс сэриилээбэтэҕэ буоллар, үөрэниэх киһи хааллаҕа", - диэн саныы турбахтаата. Айталын. [Данил оҕонньор оҕотун аармыйаҕа атаарарыгар:] Оокком, Германия урут да нуучча омугу сэриилээн кыайбатаҕа, аны да кыайыа суоҕа - диэбитин Ананий субу иһэн эмискэ өйдөөн кэллэ
    М. Доҕордуурап

2 туохтуур #

Көмөлөөн, кыттыһан кими эмэ утары охсус, суох гын

Нууччалыы Действовать против кого-л. сообща, совместно с кем-л

  • Итилэр иккиэн сэллиги төгүрүччү сэриилээн эмтээһин тус-туспа сүһүөхтэрэ буолаллар. КГМ ТСЫаЭЭ. Билигин, көтөр наһаа аҕыйаабытыттан көрдөххө, куспутун-хааспытын үнтү сэриилээн лаппа аҕыйаттыбыт ээ
    ХС

3 этии #

Нууччалыы Отвоевать, завоевать в сражениях (города, страны). [Бадин:] Үрүҥ бандьыыттар этэрээттэрэ, Дьокуускай куораты сэриилээн ылан, Саха сиригэр Сэбиэскэй былааһы суулларар былааннаахтар

  • Сэриилээн ыл - сэриигэ хотон бэйэҥ былааскын олохтоо (куораттарга, дойдуга)
    С. Ефремов
  • Мантан салгыы сарсыҥҥы күн Оренбург куораты сэриилээн ылар туһунан кэпсэтии аһылынна.
    Эрилик Эристиин
  • Дутов генерал, бэйэтин тулатыгар баайдары, муллалары, кулаактары, хараҥа казахтары сөрөөн соһуччу икки хонуктааҕыта Оренбуру сэриилээн ылан кэбиспитэ. Эрилик Эристиин

«С» буукуба