Перевод с якутского
сэрии
аат тыл
Нууччалыы война.
English war
Ис хоһооно · 5
1 аат тыл #
Судаарыстыбалар эбэтэр норуоттар бэйэ бэйэлэрин кытта сэбилэниилээх киирсиилэрэ, охсуһуулара
Нууччалыы Война. Сэриигэ барбыт. Сэрииттэн эргиллибэтэх. [Түмэппий] аҥаар атаҕын сэриигэ хаалларан кэлэн, холкуоһугар бэрэссэдээтэллии сылдьар. Амма Аччыгыйа. Кини гражданскай сэриигэ сылдьан өстөөхтөрү үлтүрүтүспүтэ. М. Доҕордуурап. Тулуйуохха наада! Сэрии эрэйин, кыһалҕатын туораан, күүтэр күммүтүгэр тиийиэхпит, сылаас харахпытынан көрсүһүөхпүт. Т. Сметанин
2 аат тыл #
Сэбилэниилээх хапсыһыы, ытыалаһыы, кыргыһыы
Нууччалыы Бой, битва, сражение
Сэрии толооно. Салгын сэриитэ. Сэрии толоонугар тылланан киирэн Сэймэктэтиэ диэн түһээн да баттаппатым. И. Егоров Урут сэриигэ да киириэх иннинэ буоларын курдук, Гурьянов биһикки ону-маны омуннаан, фантазиялаан кэпсэтэрбит бу күннэргэ. Т. Сметанин
Өссө холобурдар (1)
Суруктарым кэлэллэрэ Үксүн сэрии хонуутуттан, Сорохторо сүтэллэрэ Кутааланар холоруктан М. Хара
3 аат тыл #
Сэрииһиттэр, сэбилэниилээх күүстэр
Нууччалыы Войско, армия
Хонуутааҕы сэриилэр. Пограничнай сэриилэр. Кыһыл сэриитэ иһэрин туһунан кэпсээн нэһилиэк үрдүнэн тарҕана охсор. Амма Аччыгыйа Күн ыраахтааҕы биһиги уолаттарбытын ылан, сэриитин хаҥатаары гынар! Н. Якутскай
Өссө холобурдар (1)
Сэбиэскэй сэриилэр сытар окуопалара бүтүннүүтэ түллэх гынарга дылы гынна Т. Сметанин
4 этии #
Нууччалыы Отечественная война
Аҕа дойдуну көмүскүүр сэрии (Аҕа дойду сэриитэ) - төрөөбүт дойдуҥ тутулуга суох буоларын иһин өстөөхтөртөн босхолуур, көмүскүүр сэрии Аҕа дойдуну көмүскүүр 1812 сыллаах сэрии. Аҕа дойду сэриитин сылларыгар Белоруссияҕа кэргэммин, икки оҕобун сүтэрбитим, соҕотох хаалбытым. И. Гоголев Аҕа дойдуну көмүскүүр сэриигэ арҕаа фроҥҥа артиллерийскай чааска сулууспалаабыта. Н. Якутскай
Өссө холобурдар (8)
Аҕа дойду сэриитигэр оҕото геройдуу охтубутун хаста да хаттаан аахпыта. Н. Заболоцкай Аан дойду сэриитэ - бүтүн аан дойдуга сыһыаннаах, аан дойду үрдүнэн суолталаах сэрии. Θ Мировая война. Аан дойду иккис сэриитигэр сэбиэскэй Сойуус норуоттара биир түмсүүлээхтик фашизмы утары охсуспуттарын уонна кинини утары умсары уурбуттарын курдук уот курааны кытта охсуһуллуохтаах. М. Доҕордуурап Сэрии сэбэ - сэриилэһэргэ аналлаах сэп-сэбиргэл, байыаннай тиэхиньикэ. Θ Оружие, воружение. Ядернай сэрии сэбэ. Бастарыттан атахтарыгар дылы сэрии сэбин сүкпүт сатыы этэрээттэр көмөҕө кэлэллэр. Эрилик Эристиин "Катюшаны", араас сэрии сэптэрин дьон толкуйдаан таһаарбыттара. Т. Сметанин Уота суох сэрии полит. – эйэлээх кэмҥэ дойдулар икки ардыларынааҕы сыһыаҥҥа өстөһүүнү, тыҥааһыны соҥнуур политика. Θ Холодная война. Оччолорго "уота суох сэрии" уонна сэриинэн ииригирии кэмэ буола турдаҕына, бу куорат Мирнэй диэн ааттаммыта. И. Данилов "Уота суох сэрии" саҕаламмыта. Л. Брежнев Ср. ДТС, тюрк., монг. чериг, чирү, сэрэг ‘рать, войско, армия’
5 аат тыл #
Туох эмэ эркин эбэтэр тэлгэх курдук кэккэлэччи анньыллыбыт эбэтэр ууруллубут мастара
Нууччалыы Плахи, доски, которые кладутся или выставляются ровным рядом (напр., на сани при возке сена)
Сыарҕаҕа от тиэйэрдии сэриитэ тэлгэтиллибит. М. Доҕордуурап Миэлиҥсэ сэрии мастара эргийэн атыгыраһаллар, Ампаар иһигэр ыарахан суоруна тыаһа лүһүргүүр. Д. Таас Быһыт сэриитигэр ыарахан мөҥүөлэри сала оҕустартаатылар. А. Фёдоров
Өссө холобурдар (2)
Онно сытан кини орон сэриитин улаҕа өттүгэр үс сиринэн быһаҕынан кэрдиистээн кэбиспит. ХС Ср. монг. сэрээ ‘вилка; острога, трезубец’