ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

охсуһуу

аат тыл

Нууччалыы драка.

English fight, struggle

1 аат тыл #

Сутуругунан киирсии, отунан-маһынан кырбаһыы

Нууччалыы Драка. Охсуһуу буолла дуу - Оройум чуҥкунаата, Табыйсыы буолла дуу - Чабырҕайым чыбырҕаата. П. Ойуунускай. Оттон ханна абарыы да, онно охсуһуу, өсөһүү. В. Яковлев. Сиидэрэп иккиһин охсон эрдэҕинэ, Малыыкаан хардары сырбатта. Охсуһуу баран эрдэҕинэ дьоннор быыһаан ыллылар. Күндэ

2 аат тыл #

Тугу эмэ олоххо киллэрэр, сүһүөҕэр туруорар иһин дьулуһуу

Нууччалыы Борьба за что-л

  • Биһиги сэрии сылларыгар курааны утары охсуһууга дьоһуннаах үлэни ыыппатахпыт.
    М. Доҕордуурап
  • Бурдук иһин охсуһууга норуот бүтүннүүтэ турунар буоллаҕына, бурдук хайаан да үүнүөҕэ.
    П. Егоров
  • Тыын былдьаһыга, Олох иһин охсуһуу
    Т. Сметанин

«О» буукуба