ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

эрис

туохтуур

Нууччалыы упорствовать, усердствовать, прилагая усилия в чём-л.

English (sports, general) to compete, to contend, to fight, to struggle, to wrestle

Ис хоһооно · 4

1 туохтуур #

Туох эрэ туһугар дьаныһан туран сыралас, киирсис

Нууччалыы Упорствовать, усердствовать, прилагая усилия в чём-л. (напр., в учении)

  • Кини үөрэнэн эриһэн эрэр.
    П. Аввакумов
  • Ханнык баҕарар үлэ элбэхтик эристэххинэ, сүүрдэххинэ-көттөххүнэ үтүө түмүктэнэр.
    ХС
  • АЯМ диэн тылга хотугу тыйыс айылҕаны кытта эриһэр, тоҥмут ыстаал ыллыгы кытта өрө тустар уолаттар тыыннара иһиллэргэ дылы. "ЭКһ. Иван Игнатьевич үлэлээбитин тухары тиэхиньикэни кытта эриспит -- боростуой саха киһитэ
    ДАГ ККК
Өссө холобурдар (3)
  • Кими, тугу эмэ кытта өр бодьуустас. Θ Упорно, настойчиво возиться с кем-чем-л., добиваясь чего-л. Киһи ол курдук балачча өр эриһэн, эһэтин оҕотун туппут, куулга уган кэбиспит.
    Н. Заболоцкай
  • Ол уол ийэлээх аҕабын буукубаны ааҕарга, суруйарга үөрэтэн эриспиттээҕэ.
    П. Аввакумов
  • Байыкка баатын кытта бэрт өр эриһэн, астаһан, нэһииччэ хоҥнордо. "Чолбон". Өр эриһэммин, син Күөх Боллох оҕонньортон бэриһиннэрэр буоллум ээ. АИА-А
    КБ

2 туохтуур #

Кими эмэ кытта иэл-тиэл киирис, күрэхтэс, тулуспахтаа

Нууччалыы Бороться, тягаться, состязаться с кем-л., оказывая достойное сопротивление

  • Арай бэйэтин кытта эмиэ биир саастыылааҕа Көөкөй Бүөтүр балай эмэ эриһэ, барсымахтыы сатыыр.
    В. Протодьяконов
  • "Эр бэрдэ эриһэр инигинһ, – Егор Алексеевич үтэн-анньан көрдө. СЮ ЫБ. Биһиги оҕолорбут саамай эриһиэхтээх уһун дистанцияларыгар ыалдьыттарбыт бириистээх миэстэлэри үллэһиннилэр
    Чолбон

3 туохтуур #

эрийис 4 диэн курдук. Дашалыын бүгүн эмиэ эристим, ол эрээри хоспор ыҥырбатым. Н. Габышев. Иллэҥсийэ эрэ түстэрбит, Коля куорат кыргыттарын кытта эриспитин кэпсээн күллэрэр. Н. Заболоцкай

4 этии #

Этиилэр

Иэмэх талах курдук эрис

иэмэх талахтыы (мастыы) эрийсэллэр диэн курдук (көр иэмэх).

  • Хаартылаан үстэ-түөртэ куотуһан, иэмэх талах курдук иэл-тиэл эриспиттэрэ.
    Р. Баҕатаайыскай
  • Икки холкуос сороҕор куоттаран, сороҕор куотан куоталаспыттара, иэмэх талах курдук эриспиттэрэ.
    НД ДК

Иэн иҥиирин курдук эрис көр иэн I

  • Бөҕөстөр хардары-таары атаакаластылар, иэн иҥиирин курдук тэҥҥэ эристилэр.
    И. Данилов
  • Уолаттар ханнык баҕарар үлэҕэ илин-кэлин түсүһэн, иэн иҥиирин курдук эриһэллэрэ. "ХС"

«Э» буукуба