ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

эриҥэх

Нууччалыы очень худой, исхудалый, истощённый

1 #

Этэ-сиинэ суох, иинэ хаппыт, хачаайы (киһини этэргэ)

Нууччалыы Очень худой, исхудалый, истощённый (о человеке)

  • Эриҥэх тараһаланаммын, Этирик түөстэнэммин, -- Уһун дьоллоох аатыран Хаалыах бэйэм буоллаҕым. Саха нар. ыр. II. Кырдьаммын эриҥэх бэйэлэнэн, Этирик түөстэнэн, арбаҕар астаммытым.
    Өксөкүлээх Өлөксөй
  • Маны көрдөҕүнэ: Этирик түөстэммит, Эриҥэх эттэммит дьон эбит.
    С. Васильев
  • Ыарыы эриҥэх бэйэлээбэтэҕэ буоллар, син бэйэтин иннин көрүнэр киһи буолуохтаах эбит.
    БН СУ

2 #

Сүөһү хатарыллыбыт тириитэ; оннук тириини имитэн оҥоһуллубут туох эмэ

Нууччалыы Высушенная шкура скотины; изделие из выделанной шкуры скотины

  • "Эриҥэҕим бу кыбытыллан турар дииһ, – дии-дии эбэтэ тирии саппыйааны тардыалаабыт. СТП АаТ. Эмээхсин туура тардан, Эриҥэҕин хоонньугар Ылан уктан кэбистэ.
    ХС
  • Ср. казах. ерик ʽшкурка, находящаяся на выделке (домашним способом)’

«Э» буукуба