Перевод с якутского
кэрэх
аат тыл, частица, тыл
Нууччалыы жертва духам
English a sacrifice
Ис хоһооно · 9
1 аат тыл #
Нууччалыы жертва духам
English a sacrifice (made to appease evil spirits)
кэрэх биэр принести жертвуto offer a sacrifice
2 аат тыл #
Нууччалыы жертвенная шкура
English a sacrificial hide
кэрэхтэ ыйаа вывесить жертвенную шкуруto hang a sacrificial hide
3 частица #
Нууччалыы частица «надо»
English A modal particle indicating that something ought to be done
этиэххэ эрэ кэрэх это стоит лишь сказатьit just needs to be said барыахха эрэ кэрэх надо просто пойти[someone] just needs to go
4 #
бэй. туһ
Түөрэҥэй ойуун күөх эбириэн борооскуну кэрэх тутунна.
КүндэКэрэххэ анаммыт биэ баайыллыбыта үһүс хонуга туолуута Харатаайаптаах дьиэлэригэр үс ойуун кэллэ. Н. Якутскай Уоһах кугас сылгыны кэрэх туттан ыйаабыт. С. Зверев
Өссө холобурдар (2)
Мэлдьэннээх Тумустаах, чоккуруос харахтаах, сэттэ сиринэн биллэҕэ кытарымтыйбыт кыталык элэмэс сылгыны булан, өлөрөн кэрэхтэ ыйааҥ Р. Кулаковскай Кэрэххэ туттулларга анаммыт сүөһү. Θ Скотина, предназначенная для жертвы духам, жертвенное животное. Кэрэххэ дылы арбаама (өс ном.). Улахан олгуйдарга кэрэх биэ этин буһаран лыксыталлар Н. Якутскай
5 #
Итэҕэл быһыытынан, улахан абааһы бурууһаатаҕына дьалбыйарга анаан ураты түүлээх-өҥнөөх сүөһүнэн толук биэрии (хол., чоккуруос харахтаах маҥаас сылгыны, күөх эбириэн ынах сүөһүнү)
Нууччалыы Языческая кровавая жертва скотом особой масти, приносимая шаманом для умилостивления гнева верхних или нижних злых духов
6 #
Кэрэххэ ыйыырга анаммыт сүөһү тириитэ
Нууччалыы Шкура жертвенного животного
Кэрэх ыйаа. Итиннэ кэрэх тириитэ буолан турарга кэлбэтэҕиҥ - суут сирэйин көрө, сууттана кэлбитиҥ
П. Ойуунускай
7 #
Кэрэххэ туттуллубут сүөһү тириитэ бастары, туйахтары, кутуруктары бииргэ сүлэн ыйаммыт маһа
Нууччалыы Дерево, на которое вешали шкуру жертвенного животного, снятую вместе с головой, копытами и хвостом. - Ону [тиити] эн кэрдэн биэриэҥ дуо? - Тыый, кэбис, доҕор, ол кэрэҕи дуо?
Ол кэрэхтэри аннынан өтөх диэки ааһан эрдэхпинэ, дүҥүр тыаһа өрө бирилии түстэ. В. Чиряев Былыр ойууннар "абааһыны үүрэн-түрүйэн" кыыраннар бэлэх биэрбит мастара кэрэх диэн ааттанара. ПИС К К. Ср бур. кэрэк 'жертва, совершаемая при участии шамана'
8 этии #
Кэрэх аһын курдук тут - олус хорҕомноон, ыскайдаан, матайдаан тутун (хол., аһы-үөлү: кэрэх этин сонно тута аһаан-сиэн кэбиһиллэриттэн таһааран этии) Кэрэх биэрээри (сиэри, ыйаары) гынаҕын дуо? - туох наадалаах (сыһыаннаах) буолан туоһуластыҥ? (кыбыстыылаах суолу баламаттык ыйытар киһини чаҕытаары этии). букв. хочешь дать (съесть, вешать) жертвенное животное? (так говорится для острастки бесцеремонно вмешивающегося в чужое деликатное дело). Кэрэххэ дылы арбаама - кырдьыгынан-сымыйанан наһаа хайҕаама, арбаама (ойуун кэрэххэ туттуллар сүөһүнү абааһыны амарахсытаары наһаа хайҕаан кэпсиир эбит). Не расхваливай безмерно (подобно тому как расхваливает шаман жертвенное животное, чтоб расположить духов). кэрэх этиттэн маппыт - туохха да тиксибэт, барытыттан матар табыллымтыата суох киһи туһунан. О крайне невезучем, неудачливом человеке (букв. он обделен мясом от (двух, семи) жертвенных животных)
Нууччалыы Безрассудно, расточительно тратить (о продуктах питания) (букв. тратить как жертвенную пищу - мясо жертвенного животного следовало расходовать быстро, тут же)
9 #
ыан эб. Этиллэр санаа наадалааҕын уонна ханнык эрэ дьайыыга усулуобуйа буоларын көрдөрөр
Нууччалыы Выражает отношение говорящего к высказываемой мысли как достаточному условию для быстрого наступления какого-нибудь действия или результата
ын ааттыах эрэ кэрэх. Илэ бэйэтинэн бу кэллэ. Софр. Данилов. Эн түөрүйэҕинэн, ыалдьыбыт дьон охсуулаахтык үлэлиэхтэрин эрэ кэрэх, оччоҕо үтүөрэн хаалыахтаахтар И. Гоголев