ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

аартыктан

Нууччалыы отправляться к злым духам во время камлания; начинать камлать

Абааһыларга аттан, абааһыларгар айаннаа; кыыран бар (ойуун туһунан)

Нууччалыы Отправляться к злым духам во время камлания; начинать камлать (о шамане)

  • аартыктаа диэнтэн бэй. туһ. Ойуур тыаны оройунан ойуолаан, Аарыма хайалары Төбөлөрүнэн аартыктанан, Күннүктээх сири көтөн киирэн барда [Бүлүү ГЭһин, ЛЭП туһунан].
    С. Зверев
  • [Алааһым] Кыскыйданар тыалгынан Кынаттанан дайабын, Аарыгырар суолгунан Аартыктанан барабын.
    А. Бродников
  • [Дьампа үрэҕэ] Аҕыс уон аҕыс Аабылаан айаанынан аартыктанан, Анаан-минээн аат ааттаан Аарыгыран киирэр эбит. П. Ядрихинскай
Өссө холобурдар (2)
  • Байбаал, туран аартыктанар күҥҥэр, сатаныах буоллаҕына, таарыйа бу мин харахпын алҕаан көрөөр эрэ. Адьас мэлийээри гынна ээ.
    Эрилик Эристиин
  • Ахтан-бохтон ойуун турбута -- Утуйбуту уһугуннартыы, Аартыктанан үөһэ ойбута. Дьуон Дьаҥылы. Ойуун эккирээн битийэн аартыктанар
    Эрилик Эристиин

«А» буукуба