ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

ыыстый

туохтуур

Нууччалыы подгорать, пригорать, покрывая накипью дно сосуда

Ис хоһооно · 4

1 туохтуур #

Иһит түгэҕэр сыстан, кэһиэҕирэн, хаахтыйан ыыс амтаннан (хол., үүтү, хааһыны этэргэ)

Нууччалыы Подгорать, пригорать, покрывая накипью дно сосуда (напр., о молоке, каше)

  • Халлыбыт торҕо күөх халлаан соҕуруулуу-илин кытыыта ыыстыйбыт үүт үрүмэтинии сымнаҕастык тэтэрэн эрэр.
    Амма Аччыгыйа
  • Хааһыҥ буспатах үһү дуо, буһарын ааһан ыыстыйбыт.
    Эрилик Эристиин
  • Үүтү кутуох иннинэ көстөрүүлэни тымныы уунан сайҕаатахха, үүт ыыстыйбат
    ФВН ЭХК

2 туохтуур #

Саһарымтый, ыыс араҕастыҥы өҥнөн

Нууччалыы Становиться желтоватым, желтовато-красным

  • Маҥхайарын ааһан, ыыстыйа саһаран эрэр баттахтаах кырдьаҕас оҕонньору икки өттүттэн өйөөн таһаараллар.
    Н. Якутскай
  • Оҕонньор саһарымтыйан көстөр ыыстыйбыт бытыгын быыһынан тииһэ бараммыт айаҕа оҥоҥнообута.
    П. Аввакумов
  • Сиэмэ хаҕа ыыстыйа буһуутун, кытаатарын кытта хомуйуллуохтаах
    ААФ ОИОИС

3 туохтуур #

Хойдон хараҥаран көһүн, хойун (хол., былыты, буруону этэргэ)

Нууччалыы Сгущаться, темнеть (напр., о туче, дыме)

  • Ыыстыйбыт тумаҥҥа сууланан, Ый былыт быыһынан төҥкөйдө.
    П. Тобуруокап
  • Ол икки ардыгар былыт халҕаһата эбии ыыстыйан, аһаҕас сири саба бүрүйэр.
    М. Доҕордуурап
  • Ыыс быдаан буруо -- салгын сиигиниин холбоһон, ыыстыйан сир ньуурун сабар
    НТГ СУоС

4 туохтуур #

Кыыһыран хаанныын-сиинниин уларый, дьэбидис гын, өс

Нууччалыы Стать суровым, злым, помрачнеть

  • Баайдар сэргэхсийэ түстүлэр, кыыһыран ыыстыйбыттара ааһан барда.
    М. Доҕордуурап
  • "Утары куоластаабыппытыгар Тэптиргээнэп сирэйдиин-харахтыын ыыстыйан хаалла эбээт", – Сэмэнчик күлэн саһыгыраата.
    В. Протодьяконов
  • Ити тылы истээт, Доргууйап арыы саһыл хаана ыыстыйа түстэ
    ХС

«Ы» буукуба