Перевод с якутского
кэһиэҕир
туохтуур
Нууччалыы покрываться накипью
1 туохтуур #
Түгэҕэр, ойоҕоһугар сыстан хаал, олорон хаал (оргутарга, буһарарга иһиккэ ас сыстан кэһиэх үөскүүрүн туһунан)
Нууччалыы Покрываться накипью (дно и стенка посуды при варке пищи, кипячении молока)
Солуттаҕына солуур кэһиэҕирбэт диэбиккэ дылы, Бүөтүккэ айатын куобах эспэт М. Доҕордуурап
2 туохтуур #
Ыраастык, чөллөркөйдүк саҥарбат кээҕинэс буол (ыарыыттан, тымныйыыттан, улаханнык долгуйууттан, кыыһырыыттан о д. а. - күөмэй туһунан)
Нууччалыы Охрипнуть, стать сиплым, осесть (о голосе)
Миитэрэй оҕонньор кэһиэҕирэн хаалбыт хардьыгынас куолаһынан нэһиилэ ыган саҥарда. Софр. Данилов. Ыларов бөтө бэрдэрэн, куолаһа кэһиэҕирэн ылла. Р. Баҕатаайыскай Халҕан нөҥүө кэһиэҕирбит куолас кээҕинээтэ Н. Габышев