Перевод с якутского
кыыкынаа
туохтуур
Нууччалыы протяжно скрипеть (о двери, санях и т
1 туохтуур #
тыаһы үт. туохт
Хотон аана биллэ-биллибэттик кыыкынаата. Софр. Данилов. Айанньыт сыарҕата кыыкыныыр. Эрилик Эристиин Сыарҕа ыллыга араастаан кыыкыныыр, куучугуруур, сырдьыгыныыр, сыарҕа сыҥааҕа хаахыныыр Н. Габышев
2 туохтуур #
Туох эрэ туохха эмэ аалсыытыттан, ыгыллыыттан, кыбыллыытыттан тахсар бытаан синньигэс тыаһы таһаар
Нууччалыы Протяжно скрипеть (о двери, санях и т. п.)
3 туохтуур #
Кэһиэхтээх, бүппүт куоласкынан сэниэтэ суохтук нэһиилэ саҥар, саҥа таһаар
Нууччалыы Говорить слабым сиплым голосом, издавать слабый скрипучий звук
"Ох, Айыы Тойон таҥара!.. Туох иһин накаастыыгын!" - диэн кыыкыныыр Архыып оҕонньор. Амма Аччыгыйа Сиидэркэ, быарын харбанаат, чохчойо-чохчойо, күлэн кыыкынаата. И. Гоголев Ийэлэрэ бааһырбыт куба курдук, кыыкынаан ытаабыта да, ыттаччы хаппыт халтаһатыттан уу кэлбэт этэ Эрилик Эристиин
Өссө холобурдар (3)
Ыараханнык, тыастаахтык тыын. Θ Дышать тяжело, с хрипом, сипеть. Өлөрө чугаһаабыт эмээхсин кыыкыныыр. Амма Аччыгыйа Ыараханнык бааһырбыт -- Коля Манасов -- сэбиргэҕэ дэгдэҥнии-дэгдэҥнии, тыастаахтык кыыкынаан тыынара. Эрилик Эристиин Хата уолгут тыҥатыгар кыырпах да саҕа кыыкынаан иһиллэр туох да суох. Хаһан да тымныйбатах киһи курдук ХС